«Үрүмэччи» сонуннара

20181207_175725          Сэтинньи ый — Байанай ыйа түмүктэннэ. Бу ыйга биһиги бөлөххө Баай хара тыа иччитэ Байанай туһунан оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин өссө кэҥэттибит. Оҕо толкуйдуур дьоҕурун, болҕомтотун, тылын саппааһын байытарга «Сохсо» диэн саҥа остуол оонньуутун оонньоотубут. Сонун оонньууну о5олор олус сөбүлээтилэр. Араас тиэмэнэн дьэрэкээн ойуулаах каарточкалары сэргээн көрдүлэр-биллилэр. Быраабылатын умсугуйан туран ылынан, тутуьан  бэйэ-бэйэлэригэр үөрэттилэр. Дьиэ кэргэнинэн, хамаанданан, биирдиилээн күрэхтэһэргэ табыгастаах эбит диэн бэлиэтээтибит. Оҕо да, улахан да киһи сөбүлээн оонньуохтара диэн эрэнэбит.

Иитээччи Аргунова М.Г.

Рисунок2 Рисунок3