Ньукуолун күнэ

Ыам ыйын 22 күнэ- Ньукуолун күнэ. Бу күнтэн сайын саҕаланар, кэҕэ этэр, сир- дойду көҕөрөр, сиргэ Иэйэхсит Айыы хотун түһэр кэмэ.
🌞🌱🌿☘️🌸🌼

 «Мичээр» уһуйаан оҕолоругар Ньукуолуну 🌞☘️көрсөр тэрээһин буолан ааста. Сиэри-туому тутуһан Ийэ сири 🌱🌿үрүҥ илгэнэн, алаадьынан алҕаан аһатыыттан саҕаланна. Оҕолор бөлөхтөрүнэн 👭👭👭самаан сайыны көрсө үөрэ-көтө 🎼🎤🎹ырыа ыллаатылар,чабырҕахтаатылар, хоһоон аахтылар, оһуор үҥкүүтүн үҥкүүлээтилэр. «Ардах уонна күн» ☔️🌞оонньууну дуоһуйа оонньоотулар. Баҕа санааларын этэн салама ыйаатылар, саха төрүт үҥкүүтүнэн — оһуохайынан түмүктээтилэр.
Кэрэ сайын кэлиитин
Үөрэ -көтө көрсүөҕүҥ,
Күнтэн сэниэ ылыаҕыҥ,
Чэгиэн-чэбдик сылдьыаҕыҥ,
Уруйунан көрсүөҕүҥ!🌼🌸🌺🌞☘️🌱🌿
Алгыстаах алаһа» тэрийэр бөлөх