«Байанай ыйа» — алтыһыы түһүлгэтэ.

Сэтинньи ый 29 күнүгэр  «9 төгүл  тоҕо?» иитээччилэр айар бөлөхтөрө «Байанай ыйа» — алтыһыы түһүлгэтин улахан саастаах оҕолорго тэрийэн ыыттыбыт. Тэрээһин сыалынан буолла: оҕолор «Байанай ыйыгар» ылбыт билиилэрин-көрүүлэрин түмүктээһин, чиҥэтии, хатылааһын. Оҕолор кииннэринэн арахсан, бэйэлэрин интэриэстэринэн, тала сылдьан дьарыктаннылар. «Үрүмэччи» бөлөххө — «Байанай оҕолоро» — дид/эл оонньуу, «Күнчээн» бөлөххө — «Сонор» хамс/ооннь., «Сулусчаан» бөлөххө — «Балыксыт үгэстэрэ» — хамс/ооннь., «Кэнчээри» бөлөххе — «Кыыллар суоллара» — сайыннарар оонньуу, «Кэскил» бөлөххө — «Байанай таабырыннара», муусука саалыгар «Байанай хамсаныылара» уонна «эрчим» саалаҕа — эстафета буоллулар. Оҕолор бары сөбүлүүр кииннэринэн сылдьан оонньоотулар, дьарыктаннылар, билиилэрин хаҥаттылар.

 UJQX8256[1]BJXE5970[1]