Таҥха ыйа

Таҥха ыйын түмүктээн, акция быһыытынан, тохсунньу 23 күнүгэр «Кэнчээри» бөлөх оҕолоро  «Кустук» орто бөлөххө ыалдьыттаатылар.   Оҕолорбут  Таҥха ыйын алгыһын ааҕан , кыһын туһунан хоһоон,  ырыа ыллаан  кыра оҕолору үөртүлэр-сэргэхситтилэр. Хомоҕой хомус тыаһаттылар,  хамсаныылаах оонньуу оонньоттулар. Түмүгэр бэйэлэрэ оҥорбут аанньалларын, минньигэс кэһиилэрин бэлэх ууннулар.
Иитээччи: Тимофеева В.Г.