«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» — дьаарбаҥка- куонкурс

Алтынньы ый 7 күнүгэр 82 №-дээх «Мичээр» уһуйаан «Күн күбэй» ийэлэр түмсүүлэрэ дьаарбаҥка-куонкурс тэрийдилэр, бары бөлөхтөр төрөппүттэрэ, иитээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Дьаарбаҥка- киэргэтиитэ араас интэриэһинэй тиэмэлэрдээх, ураты уран оҥоһуктардаахтар, бэйэлэрэ үүннэрбит оҕуруоттарын аһын, ону таһынан ас арааһын астаан, күһүҥҥү астан, кыһыҥҥы хаһаастарын көрдөрүүгэ туруордулар уонна атыылаатылар. Олус бэрт сэргэхтик ааста, оҕолор ырыа-тойук аргыстаах, үөрүү үктэллээх.Түмүккэ бөлөхтөргө анал ааттар иҥэрилиннилэр: «Бастыҥ киэргэтии» — «Кэнчээри» бөлөх, «Баай сандалы» — «Кустук» бөлөх, «Бастыҥ оҥоһук» — «Үрүмэччи» бөлөх, «Дьикти оҕуруот аһа» — «Күнчээн» бөлөх, «Бастыҥ презентация» — «Сулусчаан» бөлөх, « Ураты бүлүүдэ» — «Кэскил» бөлөх, «Бастыҥ түмсүүлээх бөлөх» — «Чуораанчык», « Уу-Чукучук» бөлөхтөр. Куруутун ситиһии сиэттистин, үөрүүгүт үксээтин, дэлэй-өлгөм хаһаастаах, баай сандалылаах, асчыт бэрдэ, бастыҥ түмсүүлээх, мааны саха ыала буолуҥ.Барыгытыгар махтал бастыҥа!