Сана дьылга бэлэмнэнэбит.

Бүгүн «Мичээр» уһуйаан «Кустук» бөлөх оҕолорун төрөппүттэрэ, саҥа дьыл кэлэн иһэрин көрсө, оҕолоругар бэлэх уунан оҥорон, ийэлэр, аҕалар кэлэннэр бөлөх иһин, уһуйаан тас өттүн киэргэттилэр. Төрөппүттэр бары биир санааннан, түмсүүлээхтик, сүбэлэһэн эрдэттэн бэлэмнэнэн, ийэлэр муус тоҥорон, хаар кырыйан, аҕаларбыт  туттар тэриллээх кэлэннэр, маһынан дьэрэкээн харыйа оҥорон таһаардылар.Бары  үөрэ- көтө оҕолорун тустарыгар биир сомоҕо буолан саҥа дьыл кэлэн иһэр бэлиэтигэр дьэрэкээн харыйаны туруордулар.

Иитээччи Пестрякова В.М.

WhatsApp Image 2018-12-08 at 17.15.46WhatsApp Image 2018-12-08 at 17.15.47 (1)WhatsApp Image 2018-12-08 at 17.15.47