«Хомуур күрэх»

 

Бүгүн «Мичээр» уһуйаан иһинэн «Хомуур күрэх» оонньуута буолан ааста. Манна бөлөхтөн иккилии оҕолоох алта хамаанда күрэхтэстэ. Олортон саамай түргэн, сымса буолан бастакы бириистээх миэстэни ыллылар «Кустук» бэлэмнэнии бөлөх хамаандата Иннокентьев Игорь, Попова Алена. Онтон тилэх баттаһа иккис бириистээх миэстэни ыллылар «Кэнчээри» улахан бөлөх хамаандата, Степанов Вова, Ефимова Милена. Үһүс бириистээх миэстэ хаһаайыннарынан «Чуораанчык» улахан бөлөх хамаандата, Борисов Витя, Никифорова Айлина. Маны таһынан иитээччилэр эмиэ күрэхтэстилэр. Манна бастакы миэстэ Лугинова Ангелина Васильевна (Чуораанчык), иккис миэстэ Васильева Анна Васильевна (Кустук),үһүс Тимофеева Варвара Григорьевна (Кэнчээри) буоллулар. Күрэхтэспит хамандаларга улахан эҕэрдэ уонна судиялабыт дьоммор эмиэ итии истин эҕэрдэбин, махталбын тиэрдэбин.