Режим дня (средняя группа)
Күннээҕи тутулук түгэннэрэ | Оҕолор дьайыыларын ис хоһооно | Иитээччи үлэтин ис хоһооно | Орто бөлөх |
“Үүммүт күнтэн үөрүөҕүҥ, “Аламай күн сырдыгынан” – дэһиэҕиҥ! Саҥа күнү алҕыаҕыҥ, саҥаҕа-кэрэҕэ эрэниэҕиҥ!”. | Оҕолор бэйэ бэйэлэрин кытта эҕэрдэлэһэн киирэллэр. Бөлөх иһигэр сайыннарар кииннэргэ оҕо баҕатынан оонньуур. | Иитээччи оҕолору көрсөр. Төрөппүттэрдиин сэһэргэһэр, сүбэлэри-амалары биэрэр. Биирдиилээн, бөлөҕүнэн оҕолорго болҕомтотун уурар, остуол оонньууларын оонньотор, тыл эрчиллиилэрин онортторор. | 07.30-08.25 |
«Сарсыардааҥҥы хамсаныы» — эти-сиини уһугуннарар эрчиллиилэр. | Оҕолор эти –хааны уһугуннарар, сайыннарар араас эрчиллиилэри оҥороллор. | Иитээччи, уһуйааччы бэйэтэ араас көрүҥүнэн, хайысханан, ньыманан оҕолор эттэнэрин-сииннэрин уһугуннарар эрчиллиилэри оҥорторор. | 08.25-08.35 |
«Сарсыардааҥы түмсүү» “Олбохторго олоруох,күннээҕи дьарыгы торумнуох”. | Оҕолор иллэҥ бириэмэлэригэр күннээҕи дьарыктарын хас биирдии оҕо бэйэтин баҕатынан торумнааһына (былааннааһын) | Иитээччи кэлбит оҕолору бөлөҕүнэн мунньан сайыннарыылаах сорудахтаах оонньуулар эгэлгэлэрэ. | 08.25-08.45 |
«Минньигэстик аһыахха, доруобай буолуохха» — сарсыардааҥҥы аһылыкка бэлэмнэнии, аһааһын. | Суунуу, тарааныы, остуол бэлэмнээһии. | Эти-сиини чэнчистик туттуу быраабылаларын көрүү (көмөлөһүү, көннөрүү, сүбэлээһин). | 08.45-09.15 |
Оҕолор баҕаларынан дьарыктаныылара, бырайыак
|
Оҕолор бэйэлэрэ талбыттарынан иитээччи былааннаабыт дьарыктарыгар, бырайыактарыгар кыттыһаллар, оонньууллар. Кыттыспатах оҕолор бэйэлэрин баҕаларынан оонньууллар эбэтэр уһуйааччыларынан баран дьарыктаналлар. | Оҕолору иитээччилэр уһуйааччылар бырайыагы салайаллар, оҕо баҕарар дьарыгын көҕүлүүллэр, интэриэстэрин тардаллар, дьарыктыыллар. Көмөлөһөллөр.
|
09.15-10.35 |
Битэмииннээх утахтары иһии.
Салгыҥҥа дьаарбайыыга бэлэмнэнии |
Утахтарын иһэллэр, тас таҥастарын таҥналлар, бэйэ бэйэлэригэр көмөлөһөллөр. | Иитээччи оҕолордуун бэсиэдэлэһэр, таҥналларыгар көмөлөһөр. | 10.00-10.10 |
«Күн,салгын-арахсыспат аргыспыт»сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайыы | Сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайыы. Оҕолор айылҕаны, күнү-дьылы кэтээн көрөллөр, хамсаныылаах оонньуулары оонньооһун. | Иитээччи оҕолор болҕомтолорун тардан күнү-дьылы кэтээн көрүүнү, хамсаныылаах оонньуулары тэрийэн ыытар. | 10.35-11.15 |
«Оонньуу кустуга» сайыннарар, айымньылаах оонньуулар. | Көҥүл оонньуулар, остуол оонньуулара, тылы сайыннарар, харахха тыыныыга эрчиллиилэр | Иитээччи оҕолор оонньууларын салайар, биирдиилээн үлэлэри ыытар. | 11.15-11.40 |
«Минньигэс астаах сандалы тула» күнүскү аһылыкка бэлэмнэнии.
Күнүскү аһылык. |
Аһылыкка бэлэмнэнэллэр, сууналлар-тарааналлар, таҥастарын көннөрөллөр. Остуол бэлэмнэһэллэр. Аһыыллар. | Тэрээһиҥҥэ көмөлөһүү. | 11.40-12.10 |
Утуйуу. | Утуйаллар. | Муусука иьитиннэрэн, остуоруйа кэпсээн, айымньы ааҕан оҕолору утутуу. | 12.10-15.00 |
Утуйан туруу. Чэбдигирдэр хамсаныылар,эти-хааны уһугуннарар оонньуулар. | Сыыйа-баайа уһукталлар оҕолор. Эти-сиини уһугуннарар араас хамсаныылары оҥороллор, оонньууллар | Иитээччи сыыйа оҕолору уһугуннартыыр, уһуктубут оҕолорго болҕомтотун уурар. Араас хамсаныылары былааннаабытынан эбэтэр оҕо баҕатынан хамсаныыларын | 14.30-15.00 |
«Минньигэс астаах сандалы тула» түөртүүргэ аһылык | Сыыйа- баайа таҥныбыт оҕолор түөртүүргэ аһыыллар. | Иитээччи сөптөөх аһааһын быраабылата, аска, сервизтээһиҥҥэ болҕомтону уурар. | 15.00-15.25 |
Биирдиилээн үлэлэр, куруһуоктар | Биирдиилээн дьарыктаныы, куруһуокка сылдьааһын. | Уһуйааччылар куруһуокка, иитээччилэр биирдиилээн оҕолордуун дьарыктаналлар. | 15.25-16.15 |
«Көхтөөх-көрдөөх, айар-тутар оонньуулар» | Оҕо бэйэтэ талбытынан оонньуулара. | Иитээччи кэтиир, көмөлөһөр, салайан биэрэр. | 15.25-16.55 |
«Олбохторго олоруох, бүгүҥҥү күнү хайдах атаарбыппытын кэпсэтиэх» (харах, тыл эрчиллиилэрэ, оонньуулар) | Оҕолор бүгуҥҥү күнү хайдах атаарбыттарын, кимниин оонньообуттарын, тугу билбиттэрин сэһэргэһии. (сарсыҥҥы күнү былааннааһын) | Иитээччи кэлбит оҕолору бөлөҕүнэн мунньан ааһан эрэр кунү хайдах атаарбыттарын кэпсэтэр, салайар.
(харах, тыл эрчиллиилэрэ, оонньуулар) |
16.45-17.00 |
«Минньигэс астаах сандалы тула» киэһээҥҥи аһылыкка бэлэмнэнии, киэһээҥҥи аһылык. | Киэһээҥҥи аһылыкка бэлэмнэнии, аһааһын. | Тэрээһиҥҥэ көмөлөһүү. | 17.00-17.30 |
«Күн, салгын- арахсыспат аргыспыт» сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдээһин. | Сибиэһэй салгыҥҥа оҕолор дьаарбайаллар. хамсаныылаах оонньуулары оонньооһун. | Иитээччи оҕолор болҕомтолорун тардан көрдүүр, чинчийэр дьайымаллары, хамсаныылаах оонньуулары тэрийэн ыытар. | 17.35-18.30 |
«Билбэтэхпитин билэбит, улаатабыт, сайдабыт» көҥүл оонньуу эйгэтэ. | Оҕо бэйэтэ талбытынан араас көрүҥнээх оонньуулар, остуол оонньуулара. | Иитээччи кэтиир, көмөлөһөр, салайан биэрэр.. | 18.30-19.10 |
«Көрсүөххэ диэри!» оҕолору атаарыы. | Оҕолор дьиэлэригэр төрөппүттэринээн тарҕаһаллар. | Төрөппүттэрдиин сүбэлэһии. Оҕо күнү хайдах атаарбытын кэпсээһин. | 19.00-19.30 |