Сэтинньи 17 күнүгэр «Үрүмэччи» бөлөх оҕолоро, төрөппүттэрэ «Мамонт» мусуойугар экскурсиялаан кэллибит. Оҕолор дьиҥнээх мамонт уҥуоҕун, скелетин илэ көрөннөр сөхтүлэр-махтайдылар. Телевизорынан хайдах түҥ былыргы мамоннар уҥуохтарын археологтар сир анныттан хостоон, лабораторияҕа үөрэтэллэрин көрдүлэр. Оҕолор билбэтэхтэрин билэн, көрбөтөхтөрүн көрөн дуоһуйан тарҕастылар. Төрөппүттэр өрөбүл күҥҥэ маннык бары бииргэ, оҕолордуун ыытыллар тэрээһиннэр буолаллара туһалааҕын бэлиэтээтилэр, өссө да тэрээһиннэр буолалларыгар баҕаларын эттилэр.
Иитээччи: Григорьева С.А.