Сэтинньи ый 27 күнүгэр ыытыллыбыт, уһуйаан улахан саастаах оҕолоругар «Познай свой край, Якутию» остуол оонньуутун күрэҕэр, биһиги бөлөх оҕолоро 5 хамаанда кыттыбытыттан, 2 миэстэни ыланнар үөрдүлэр-көттүлэр. Бу күрэххэ Саха сирин айылҕатын, биллиилээх дьоннорун, үгэстэрин, кыылларын, символикаларын уо.д.а төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр. Биһиги оҕолорбут биир да ыйытыкка сыыһа эппиэти биэрбэтилэр, төһө билиилээхтэрин барытын көрдөрдүлэр. Кыттыбыт оҕолорбутугар билиигит-көрүүгүт өссө элбээтин, хаҥаатын диэн баҕарабыт, ситиһиилээх буолуҥ.
Иитээччи: Григорьева С.А.