Бугун, а.э. сэтинньи 23 күнүгэр, «Үрүмэччи» бөлөх төрөппүттэрэ оҕолоругар «Кыыллар кыстыктара» диэн куукулаларынан остуоруйа көрдөрдүлэр. Сэтинньи ыйыгар биһиги бөлөх «Баай Байанай — аар тай5ам баһылыга » диэн бырайыакпыт чэрчитинэн төрөппүттэрбит остуоруйаларын бэйэлэрэ бэлэмнээн, куукулаларын, атрибуттарын бэйэлэрин илиилэринэн оҥорон, муусуканан киэргэтэн кыыллар туһунан остуоруйаны туруордулар. Уонна бөлөхпүт сайыннарар эйгэтигэр бэлэх ууннулар. Көхтөөхтүк үөрүүнү кытта кыттыбыт төрөппүттэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит. Өссө да инники тэрээһиннэргэ кыттыахтара диэн эрэнэбит.
иитээччи Аргунова М.Г.