Сахабыт сирин дьиҥнээх кыһына номнуо кэллэ. Ахсынньы ыйга маҥнайгы үөрүүлээх сонунунан буолла биһиги «Үрүмэччи» ансаамбылбыт ырыаһыт оҕолоро Республиканскай куонкуруска ситиьиилээхтик кыттан кэлиилэрэ. «Зима начинается с Якутии» V-с региональнай оҕолорго аналлаах фестивальга «Первый снег» диэн нууччалыы ырыаларын ыллааннар III-с истиэпэннээх лауреат аатын сүгэн үөрүүбүтүн үллэстэбит. Биһиги музыкальнай салайааччыбытыгар Владимир Николаевич биһиги кырачааннарбытын кыайыыга кынаттыырыгар барҕа махталбытын этэбит.
иитээччи Аргунова М.Г.