Биһиги бөлөххө оҕолор П.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр оҕолорго анаан суруйбут «Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» олоҥхотун кытары билистилэр. Ону тэҥэ биһиги төрөппүппүт Татьяна Николаевна Петрова, Спиридонов Ньургуммут ийэтэ, оҥорбут остуол оонньуутунан оонньоон олоҥхобутун чиҥэтэбит. Тылбытын сайыннарабыт, байытабыт. Оҕолор олоҥхо бухатыырдара буолан тураҕас, көҕөччөр аттарыгар мэҥиэстэн, олоҥхо үс дойдутунан араас моһоллорго тубэһэн, мүччүргэннээх сырыылары сылдьан, Сандаара Кэрэ Куону абааһы уолуттан Суордайа Бухатыыртан быыһаан орто дойдуга аҕалаллар. Ким маҥнайгынан сытыытын, сымсатын, өйүн көрдөрөн биэтэккэ кэлбит ол хотор. Ити курдук оонньоон элбэҕи билиэхпит диэн эрэнэбит.
иитээччи Аргунова М.Г.