Бүгүн, балаҕан ыйын 4 күнүгэр, 82 нүөмэрдээх «Мичээр» уһуйаҥҥа «Террору утары күн» чэрчитинэн «Бэһиэлэй стартар» буоллулар.
Күрэхтэһии, улахан бөлөх оҕолоругар ыытылынна. Иитээччилэр, Оҕолор олус түмсүүлээхтэрин көрдөрөн кичэллээхтик бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Бастакы миэстэ-«Күнчээн», Иккис — «Кэнчээри», Үһүс миэстэ «Үрүмэччи» буолан үөрдүлэр-көттулэр
Бука бары күрэх кыттааччыларыгар өссө үрдүк ситиһиилэри, дьоллоох оҕо сааһы баҕарабыт.
Комментарии закрыты.