Кэскил сонуннара

Алтынньы 6 күнүгэр уһуйаан иһинэн ыытыллар «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн»  диэн дьаарбанка буолан ааста. Хас биирдии бөлөх аайы бииртэн биир араас эгэлгэ огуруот астара, оҥоһуктар элбэхтэрэ үөрдэр.  Ол курдук биһиги бөлөхпүтүгэр сүрдээх улахан тыква үүннэрбит Матвеевтар дьиэ кэргэттэригэр махтанабыт, дьаарбанка остуолун киэргэппитигэр.  Экология харыстааһынын сыла биллэриллибитинэн, остуолбут сүрүн тиэмэтэ айылҕаны харыстааһын, онно төрөппүттэр оголорун кытта оҥорбут оҥоһуктара, төрөппүт  бэйэтин уруһуйа, араас барыанньа, буспут астар остуолбутун толору киэргэттилэр. Биһиги бөлөх «Кыраһыабай бүлүүдэ» диэн номинацияҕа тигистибит. Дьаарбанка иннинэ оҕолор истээччилэргэ күһүн туһунан ырыа ыллаан чоргуттулар. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт оголорбутугар, төрөппүттэргэ махтанабыт.

Иитээччи: М.В.Афанасьева

IMG-20171006-WA0029

IMG-20171006-WA0049

IMG-20171006-WA0049

IMG-20171006-WA0031

IMG-20171006-WA0043