Үгэс курдук ый аайы биһиги төрөппүттэрбит түөлбэнэн арахсан оҕолорго араас интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыталлар. Ол курдук «Үрүмэччи» бөлөххө Дьөһөгөй ыйын түмүктүүр тэрээһиммит кубулҕаттаах кулун тутар буурҕатыгар түбэһэн муус устар саҕаланыытыгар көһөн бу ааспыт өрөбүл субуотатыгар буолла. Коннай полицияҕа экскурсияҕа сырыттыбыт. Оҕолор төрөппүттэрин кытта бииргэ сылдьан дуоһуйа аттары кытта алтыстылар, аҕалбыт астарынан күндүлээтилэр, хатааһылаатылар. Конюшняҕа киирэн көрдүлэр, полиция кинологтарын сыскной ыттарын кытта көрдүбүт. Араас хамаандалары толордо овчарка ыт. Оҕолор олус астынан, дуоһуйа сынньанан, элбэҕи билэн-көрөн тарҕастыбыт. Түгэнинэн туһанан тэрийбит төрөппүттэрбитигэр махталбытын этэбит.