Алтынньы ыйга «Үрүмэччигэ» элбэх бырайыактар «Көмүс күһүн», «Кун кубэй ийэ», «Саха суруйааччылара — оҕолорго» диэн араас тэрээһиннэрэ буоллулулар. Ол курдук алтынньы 31 күнүгэр «Кэскиллээх аа5ааччы» саха суруйааччыларын айымньыларынан хоһоон күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэххэ оҕо уу сахалыы, дорҕоонноохтук ааҕан, араастык туттан-хаптан, ис хоһоонугар сеп түбэһиннэрэн хамсанан көрдөрдүлэр. Барыта 22 оҕо эрдэттэн төрөппүттэрин көмөтүнэн бэлэмнэнэн, долгуйан кытыннылар. Дьүүллүүр сүбэнэн биһиэхэ буоллулар: учуутал-логопед Семенова Ю.А., уһуйаан психолога Трофимов Е.Н., төрөппүт Неустроева Р.Г. Долгутуулаах тэрээһин түмүгүнэн кыайыылааҕынан ааттанна Ефремова Саргылаана «Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх» Семен Данилов айымньытынан. «Чобуо чоргуй» анал ааты ылла Егоров Айтал «Таптаа» хоһоонунан. Эвелина Никифорова П.Одорусов «Эбээ» хоһоонунан «Уран дьуһүйүү», Ньургун Спиридонов «Ахсаан» П. Тобуруокап хоьооннорунан «Хомо5ой хоһоонньут» анал ааттаннылар. Эдэр хоһоонньотторбутугар эҕэрдэ уонна өссө да инникигэ урдук ситиһиилэри.
иитээччи Аргунова М.Г.