Быйыл күһүҥҥүттэн иккис сылын «Ойуулаах оҕуруо» диэн уһуйаан иһинэн куруһуокпут үлэлиир. Нэдиэлэҕэ биирдэ дьарыктанабыт. «Кэскил», «Үрүмэччи», «Сулусчаан», «Күнчээн» бөлөхтөртөн оҕолор олус сөбүлээн, үөрүүнү кытта сылдьаллар. Бу манна биһиги оҕуруо арааһынан маллары киэргэтэбит. Сыл аҥаардааҕы үлэбит түмүгүн иккис этээскэ быыстапка тэрийдибит. Кэлиҥ, көрүҥ, сэргээҥ, сыаналааҥ!
иитээччи Аргунова М.Г.
Хаартысканы бу ссылканан киирэн көр. https://photos.app.goo.gl/4SbaEMmdEaTLF4Kz9