“ОҔОЛОРГО АНААН ААҔАБЫТ” УОКУРУКТААҔЫ КҮРЭХ

 

Бүгүн, олунньу 26 күнүгэр, биһиги уһуйааммытыгар «Оҕолорго анаан ааҕабыт» диэн  уһуйааннар иитээччилэригэр уокуруктааҕы күрэх буолан ааста. Бу күрэх биһиги уһуйааммытыгар үһүс сылын ыытыллар. Инники сылларга кыттааччыларбыт оҕолорго анаммыт хоһоон ааҕар буоллахтарына, быйыл сахалыы остуоруйа ааҕыыта буолла.

Строительнай округ уһуйааннарыттан күрэххэ кытта кэлбит иитээччилэр олус сэргэхтик,уустаан-ураннаан, артыыстаан, араас атрибутиканы туттан, иэйэн-куойан туран остуоруйалары кэпсээтилэр.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:  Сардаана Иннокентьевна Луковцева, үһүс нүөмэрдээх “Катюша” уһуйаан аҕа иитээччитэ; Галина Александровна Бакаева, 51 нүөмэрдээх “Кэскил” уһуйаан логопеда.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыыны ситистилэр:

1 миэстэ – Сивцева Анэтта Федотовна, МБДОУ Д/с №95 « Зоренька»;

2 миэстэ – Сергеева Елена Саввична, МБДОУ  Д/с №30 «Малышок»;

3 миэстэ – Андреева Анюта Аркадьевна,  МБДОУ  Д/с №30 “Малышок”.

Кыттыыны ылбыт ыалдьыттарбытыгар ситиһиини, доруобуйаны уонна таһаарыылаах үлэни баҕара хааллыбыт.

Юлия Семенова