Балаҕан ыйын 22 күнүгэр бэлэмнэнии бөлөхтөргө:»Сулусчаан» уонна «Кустук», орто уонна улахан бөлөхтөр: «Күнчээн», «Үрүмэччи» уонна «Кэскил» икки ардыларыгар «Көрдөөх стартар» буолан аастылар. Оҕолор эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар, сытыы-сымса, чэгиэн-чэбдик буолалларыгар, бэрт сэргэх, көхтөөх күрэх тэрилиннэ.