Бала5ан ыйын 27 күнүгэр «Кэскил» логопедическай бөлөх төрөппуттэригэр мунньах буолан ааста. Бастакынан уhуйаан психолога Анна Николаевна Турантаева «Билсиһии» диэн оонньууну ыытта. Төрөппуттэригэргэ оҕо уйулҕатын сайыннарар «Сайдыс» дьиэ-кэргэн кулуубун үлэтин туһунан билиһиннэрдэ.
Салгыы эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта Анна Елисеевна Захарова куруһуок үлэтигэр туттар ньымаларынан бэрт сэргэхтик маастар- кылаас көрдөрдө. Мунньах логопед Наталья Федоровна Иннокентьева уонна иитээччилэр Аида Иннокентьевна Жерготова, Марианна Ивановна Васильева «Холумтан тула» бырайыагы ону таьынан сыллааҕы үлэ былаанын билиһиннэриилэринэн, сүбэлэринэн түмүктэннэ.