Сэтинньи ыйа – Байанай ыйа

Рисунок1

Һук, Һук, Һук!

Дьолуону тосхойооччу

Баай Байанай эһэм,

Бэттэх көрөн

Мичик гын!

Дом!

                                         (Дабыл)

Ый бэлиэлэрэ

Таҥарата: Байанай.

Ойуута: ох.

Тыла: һук.

Суолтата: сатабыл, булуу-талыы.

Сүрүн туома: Байанайга сүгүрүйүү.

Мала: хойгуо.

Тыаһа: хобо

Үүнээйитэ: долохоно.

Көтөрө: улар.

Кыыла:  киис.

Аһа: хаан.

Ый билгэтэ

2 — ыанньыйбыт былыт халлааны бүрүйдэҕинэ, кыһына ичигэс, оттон тымныйан бүрүйдэҕинэ, кыһына- тымныы.

8 — балык миинин курдук былытырдаҕына, тымныы кэлэр. Былытырдаҕына – кыһын итийэр, хаардаатаҕына — саас хойутуур. Идэһэ сүөһү өлөрүллэр.

12 — ымыы чыычаах тэлгэһэҕэ мустар. Туллук тэлгэһэҕэ түһэн, от сыатын сиир.

15 — өрүскэ муус халыҥа 40-45 см буолан, чэпчэки уйуктаах массыынаҕа суол аһыллар.

21 — сис былыт, оччоҕо ахсынньы 19 диэри ичигэс.

22 — ый туолуута. Былытырдаҕына, ахсынньы 4-гэр диэри ичигэс. Дьүкээбил уоттаннаҕына, былыт (ичигэс)  кэлэр.

28 — сис былыттаах буоллаҕына, халлаан итийэр, от-мас кырыаран ылыа.

29 — үчүгэй күн — үтүө кыһыҥҥа, куһаҕан күн-куһаҕан кыһыҥҥа.

Сэтинньи — айан суола туруута.

Хаар халыҥнык тустэҕинэ, сылаас кыһын буолар.

Куобах этэ сыалаах буоллаҕына – кыһына тымныы.

Илинтэн тыалырдаҕына —  былыт кэлэр, халлаан сылыйар.

                    

Бэлиэ күннэр

08.11 – Миитэрэйэп. Миитэрэйэпкэ Дьыл оҕуһун биир муоһа үүнэр, тымныы буолар.

11.11 – уһулуччулаах общественнай  политическай деятель, саха советскай литературатын төрүттээччи, филолог П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ (1893-1939).

14.11 – Саха литературатын төрүттэччилэриттэн биирдэстэрэ, общественнай политическай деятель Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ (1886-1935).

22.11 – Народнай суруйааччы, общественнай деятель Н.Г. Золотарев – Николай Якутскай төрөөбүтэ (1908-1998).

25.11— Олоҥхо күнэ.

 30.11-Хомус күнэ

Таабырыннар

Түөспэр күннээхпин, сытыы харахтаахпын, албырхай сырыылаахпын диир баар үһү.  (Саһыл).

Орулус турулус көрөбүн, чөҥөчөккө олоробун, түүҥҥү сырыылаахпын, хатан хаһыылаахпын —  диир баар үһү.  (Мэкчиргэ).

Туох кыһын ойуурга аччык кэрийэ сылдьар үһү. (Бөрө).

Сир иһигэр сибигинэйэ Мэхээлэ сытар үһү.   (Эһэ).

Кутуругунан оонньуур тиит тирэхтээх тиҥсирики сүүрүк баар үһү.                                                          (Тииҥ).           

От-мас аһылыктаах, ойуоккалас оҕочоос баар үһү. (Куобах).

Чэпчэкитик сүүрэбин, адаархай муостаахпын, дьоҥҥо туһам элбэх диир баар үһү.   (Таба).  

Таһырдьа  хайа буолар, дьиэҕэ уу буолар баар үһү.  (Муус).

Хонууга да хоройдорбун,

Сааһыттан саһабын,

Ойуурга да олордорбун

Саһылтан саллабын.

 Хайа ким билэрий,

 Хайалара эбиппиний?   (Куобах). 

Таһырдьа туман оргуйар,

Мастар кырыаран тураллар.

Тибии, буурҕа ытыллар,

Тымныы иэдэһи кымаахтыыр.

Бу хаһан буоларый? (Кыһын).

Соҕотох харахтаах тугу да тулуппат баар үһү? (Саа).

Сыыдам сырыылаах, сурааһын суоллаах аллаах ат баар үһү.  (Хайыһар).

 Отоннооҕор оччугуй, оҕустааҕар күүстээх баар үһү.  (Буулдьа).

Таарыйдар эрэ «чап» гынар баар үһү.  (Хапкаан).

 Тыа дьиэлээх, көтөр – сүүрэр доҕордоох баар үһү.  ( Байанай).

Үтүө ыал оҕото уот аһылыктаах үһү.  (Саа).

Суолга киирбэт сур соноҕос баар үһү. (Хайыһар).

Уу иһигэр обот Уйбаан баар үһү.  (Муҥха).

Баһа-атаҕа биллибэт барҕа баайдаах, биэрэр да хаһан да иэстиирин эппэт, төлөппөт да баар үһү. (Айылҕа).

 

                     

Өс хоһооннор 

Илии тутуурдаах, өттүк харалаах.

Тииҥ мэйии.

Суол доҕордоох, айан аргыстаах.

Аччыктаатахха ас эрэ амтаннаах.

Үлэ киһини киэргэтэр.

Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.

Үлэни таптыаҥ — киһи бэрдэ буолуоҥ.

Айылҕаны харыстыаҥ, уһун үйэлэниэҥ.

              Тулалыыр айылҕаҕа сыһыан (Тыа быраабылата)

Ууну, күөллэри, үрэхтэри, өрүстэри ааттарынан ааттаабаттар, «Эбэ»- дииллэр.

Алааска, тыаҕа хаһытыыр, улаханнык айдаарар бобуллар.

Көтөр уйатын алдьатыма.

Уйатыгар олорор көтөрү үргүтүмэ.

Оту-маһы алдьаппакка оргууй сылдьаллар, оччоҕо сир дойду иччитэ Аан Алахчын хотун сөбүлүүр.

Саламалаах маһы тыыппаттар, киниэхэ эмиэ бэлэхтээн ааһаллар.

Уу үрдүгэр хаһытыыр сатаммат.

Ууга кири, бөҕү быраҕыы көҥүллэммэт.

Аан бастаан оонньуу, улэлии, бултуу, балыктыы кэлбит сирдэригэр уот оттон аһаталлар, алҕаан көрдөһөллөр.

                                Чабырҕахтар      

                                          Төбө

                                                                    Г. Иванова                                                                                

Сэрбэйбит,                                              Субуруйбут,

Эрбэйбит,                                                Сытырҕаабыт,

Ыһыллыбыт, бураллыбыт —                   Сыты билэр –

Бу баттаҕым.                                           Бу муннум.

Көрбүт,                                                    Даллайбыт,

Кылабачыйбыт,                                      Таллайбыт,

Симпит,                                                   Чорбойбут,

Симириктээбит —                                     Чөрөҥнөөбүт –

Бу харахтарым.                                        Бу кулгаахтарым.

Ырбалдьыйбыт,                                       Баттаҕым,

Ымаҥнаабыт,                                           Харахтарым,

Аппаҥнаабыт,                                          Муннум,

Айдаарыйбыт —                                        Кулгаахтарым

Бу айаҕым.                                               Барыта –

Сынтарыйбыт,                                         Төбөм буолар.

 

                                    Детсад олоҕуттан

                                                                                                 Г. Иванова

Детсад да олоҕор                                       Ахсарбат  идэлэммит.

Одоҥ-додоҥ очурдар                                 Атаахтаан тахсар

Омнуолара баалларын                               Аанньата суох майгыламмыт,

Ох тыллаах чабырҕахха                            Көрүдүөргэ күннүүр,

Оҕуруолуу тиһэммит                                 Көтө-көтө түһэр,

Оҕолорго кэпсиибит.                                 Аппыт айаҕа – үөлэс

Марта кыыс                                                Айдаан да айдаан,

Мааны майгыта                                          Арамаан Хадаарап

Манньытан бэрт да бэрт.                           Итэҕэс-быһаҕас

Баһыыбата бараммат,                                 Итинэн бүппэт,

Дорообото тохтообот.                                Кэйиик тыһаҕас

Арай ийэтэ этэрин                                       Кэриигэ бүкпэт,

Истибэтэх эбит,                                           Куһаҕан быһыыны

Аҕатын сүбэтин                                          Үтүө үгэс үлтү тэптин!

Остуоруйа

Кэччэгэй Балыксыт

Саха остуоруйата

Былыр оҕонньордоох эмээхсин бааллара үһү. Оҕонньор тууһут идэлээх эбит. Биир киэһэ оҕонньор, туутун көрөн, балай эрэ балыгы аҕалбыт. Оҕонньор бултаан аҕалбыт булдун эмээхсин булкуйа олордоҕуна, биир мааны ыалдьыт көтөн түспүт. Бэрт ыраахтан иһэр киһи эбит.

Балай да өр кэпсэппэхтээн баран, оҕонньор эмээхсинигэр билэр киһи билэр, билбэт киһи өйдөөбөт тылынан бу курдук эппит: “Мундууруйа солууруйа буһаарыйа, собооруйа хоспооруйа кистээрийэ”.

Ону ыалдьыттара бастаан өйдөөбөтөх, ол икки ардыгар оҕонньор кэпсээнинэн аралдьытан кэбиспит.

Эмээхсин соботун талан хоспоххо таһаарбыт, мундутун буһарбыт.

Мунду эрэ буспутун көрөн, ыалдьыт маарыҥҥы кистэлэҥ кэпсэтии ис хоһоонун сэрэйбит. Ол сэрэйэн, кэлэйэн, аһаабакка барбыт. Оҕонньордоох эмээхсин мундуларын, соболорун бэйэлэрэ сиэбиттэр.

Онтон ыла оҕонньор бултуур булда төннүбүт, кэччэгэй быһыыларыттан  олохторо кэхтибит үһү. 

                                                Кэпсээн, хоһооннор

Сэдэх  түбэлтэ

И. Никифоров

 

   Күһүн. Хаар  балай эрэ халыҥнык түспүт  кэмэ. Быйыл тииҥ  бэскэ олорбут дьыла. Ол иһин  саабын сүгэн , тииҥ  суолун  батан, бэс тыа устун  баран истим.

   Кыра сыыры  дабайарбын  эрэ   кытта, үрэх диэки  улахан тыас иһилиннэ. Көрө  түспүтүм, үрэх  кытыытынааҕы  кыра хонууга  сүүнэ улахан  баҕайы  тайах  үҥкүрүҥнүү, күөлэһиҥнии  сылдьар  эбит.

   Өр көрөн   турдум.

   Суох, бу  охсуһуу  буолбатах –мөхсүү. Устунан  тайах  сытан кэбистэ. Дьиибэргээммин  тайахха  тиийэн көрбүтүм, тайах  үрдүгэр  быычыкаа  мап-маҥан  кырынаас  өрөгөйдөөбүттүү  кылап – илэп  көрө  олорор.

    Тохтооҥ, кыыллар  суолларын –иистэрин  көрдүм. Тайах  сыа хаарга  сынньана  сыппыт. Кырынаас  үөмэн  чөмөөрөн кэлэн , кини кулгааҕын  иһигэр киирбит.

    Бу  — сэдэхтик   көрсүллэр   түбэлтэ…

           Кыһын                                                    Кыһын

                                       С. Данилов                                   М.Обутова-Эверстова

Ийэ сир хаары таҥынна,                                Тыынарым буруолаах,

Тоҥнулар күөллэр, өрүстэр.                          Тымныыкам омуннаах,

Сайаҕас чэбдик салгыннаах                           Иэдэспин ытырар,

Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр.                          Илиибин аһытар.

Хайыһардар салааскалар,                              Ол эрэн, эйигин,

Халыһыйыҥ сыырдарбар,                             Уорааннаах кыһыммын,

Эһиэхэ анаан хаар түһэр,                               Олус мин таптыыбын,

Кыһын салаллар.                                            Ордук мин ахтабын.

Сурдурҕаччы субуруҥнаан,

Сыыдамнык сырсыҥ, хаҥкылар,

Эһиэхэ анаан соруйан

Өрүстэр, күөллэр тоҥнулар.

Ыраас хаарга, күөлгэ киирэн,

Оҕолор, оонньооҥ-көрүлээҥ:

Эһиэхэ анаан, бу кэрэ

Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр.

Өбүгэ  оонньуута

Муҥхалааһын

   Үс эбэтэр биэс оҕо “муҥха” буолаллар сиэттиһэ сылдьаллар. Сүүрэр кэмнэригэр илиилэрин араарыа суохтаахтар. Уонча оҕо – “балыктар”. Сүүрэр – “муҥхалыыр” сиргэ төгүрүччү бэлиэ оҥоһуллар. Бу күөл иһиттэн “муҥха” да, “балык” да тахсыа суохтаахтар. “Муҥхаһыттарга” күөл биир өттүгэр уонча киһи батар эмиэ төгүрүк бэлиэ “чардаат” оҥоһуллар. “Муҥхаһыттар” сиэттиһэ сылдьан “балыктары” эккирэтэн, тутан ылан “чардаакка” аҕалаллар. “Муҥхаһыттар” “чардааттан” тэйиччи сиргэ балыктары туттахтарына, “чардаакка” аҕалыахтарыгар диэри “балыктар” хайа баҕар мөхсөн куотан кыахтаахтар. “Муҥхаһыттар” үстэ “балыктары” тутан баран “чардаакка” аҕалбакка эрэ куоттардахтарына, оонньуу ыытааччыта “муҥхаһыттары” ууратар, “балыктары” “муҥхаһыт” оҥорор.

Захарова Анна Елисеевна ПДО по фольклору