Олунньу 22күнүгэр биһиги уһуйааммытыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр,, күннэригэр аналлаах ,,Саха саарына,, кырачаан боотурдарга күрэх ыытылынна
Уолаттарбыт ,,Өбүгэ оонньуута,,диэн ырыаны ыллаан дуораттылар өбүгэ оонньуутугар күрэх ыытылынна. Бу күрэххэ Күнчээн бөлөхтөн 10 уол кыттан улахан бөлөхтөр ыккардыларыгар 1 миэстэни ылан уөрүүбүт муҥура суох. Ол курдук Гоголев Вадим сүүрүү, ыстаҥа 1 миэстэ, Павлов Никита сүүрүү 2 миэстэ, Литвинцев Максим 2 миэстэ, Игнатьев Айсен мүһэ тардыы 1 миэстэ, Черноградскай Байаар 2 миэстэ, канат тардыы 1 миэстэ. Саха саарыннарыгар инникитин өссө үрдүк ситиһиини,кыайыыны баҕарабыт. Кэлэн судьуйалаабыт аҕаларбытыгар истиҥ махталбытын тириэрдэбит! Иитээччи Урбагаева М.И.