Байанай ыйыгар аналлаах сэтинньи 23 күнүгэр биһиги уһуйааммытыгар үгэс буолбут «Аҕа уолунаан — Удьуор булчуттар» курэх үрдүк таһымҥа буолан ааста. Күрэххэ биһиги «Күнчээн» бөлөхтөн Сарыал, Олег Иннокентьевич Заболоцкайдар, «Үрүмэччи» бөлөхтөн Айтал, Илья Иванович Егоровтар, «Сулусчаан» бөлөхтөн Ваня, Яков Алексеевич Захаровтар, «Кэскил» бөлөхтөн Максим, Руслан Вальерьевич Семеновтар, «Кэнчээри» бөлөхтөн Костя, Семен Васильевич Андреевтар кэлэн кыттыыны ыллылар.
Аҕаларбыт уолаттарын кытта булт үгэстэрин, кыыллар тустарынан таабырыннары, өс хоһооннору, билгэлэри, кыыллар-көтөрдөр суолларын төһө билэллэрин араас ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Ону таһынан бултка хомунуу, моһоллоох суолунан туорааһын уонна көрдөөх сүүрүүлээх күрэххэ кытыннылар.
Түмүккэ саамай элбэх баалы ылан «Күнчээн» бөлөхтөн Сарыал, Олег Иннокентьевич Заболоцкайдар кыайан кыайыы өрөгөйун биллилэр! Кэлэн кыттыбыт төрөппүттэрбитигэр, оҕолорго махталбытын тириэрдэбит!
Иитээччи Урбагаева МИ