Үтүө күнүнэн!
Сэтинньи ый — Байанай ыйа биhиги «Сулусчааммытыгар» наhаа көхтөөхтүк, интэриэhинэйдик саҕаланна. Ол курдук «Алгыстаах алаhа» сайдар эйгэ сонуннарыттан саҕалаан элбэҕи билэн көрөн-истэн иhэбит. Баай байанай алгыhын күннэтэ ааҕан күммүтүн саҕалыыбыт!
Баай барыылаах Баай Байанай Барылы баайгыттан Баайа биэрэ тур! Элбэх битэмииннэх Отонно, тэллэйдэ Көп түүлээхтэ Эмис собото Куду анньан кулу! Махтанабын Үтүө киhи буола, Доруобай улаатарбар Күүс-көмө буоларгар. Харыстыам, хаҥатыам Баай талын тайҕам Кэрэ көстүүтүн! Дом!!!
Булду кытта алтыhа сылдьар хаартыскаларбытын мунньан быыстапкаҕа кытынныбыт.
Баскыhыанньаҕа ыытыллыбыт «Буулдьанан ытыы 2015» күрэххэ аҕаларбыт:
Леонид Диамидович Алексей Васильевич Тарас Валерьянович Павел Петрович Афанасий Афанасьевич Савва Николаевич
чулуу булчут буоланнар сыалы таба ортотугар ытаннар уhуйаан иhинэн көhөрүллэ сылдьар кубогынан уонна грамотанан наҕараадаланныбыт.
Махтанабыт аҕаларбытыгар.
Эhиги курдук биhиги оҕолорбут олоххо бэриниилээх буолуохтара диэн эрэнэбит.
Маны таhынан араас таhымнаах үлэлэр эмиэ ыытыллаллар.
Күннэтэ үөрэ көрсөр группабытыгар хоту дойду олоҕун-дьаhаҕын кэпсиир сонуннардаах эйгэ тэриллэр.