Балаҕан ыйын 2 күнүгэр «Мичээр»-уһуйааҥҥа «Билии күнэ»ыытылынна. Биһиги уһуйааччыларбыт үөрэх дьыла саҕаламмытынан үөрэ-көтө оҕолору көрүстүлэр, эҕэрдэлээтилэр уонна араас билэр-көрөр, толкуйдатар, хамсаныылаах, көрдөөх-нардаах оонньууларынан сэргэхситтилэр, аралдьыттылар, оонньоттулар. Оҕо-аймах сүргэтэ көтөҕүлүннэ, тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар. Үөрэх дьыла саҕаламмытынан күндү оҕолорбутун, «Мичээр»-уһуйаан үлэһиттэрин уонна төрөппүттэрин итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт элбэх билиини, саҥа арыйыылары, үрдүк ситиһиилэри! Эҕэрдэни кытта «Мичээр» уһуйааччылара