1. Саҥа 2017 сылы тэрээһиннээхтик көрүстүбүт. Ол курдук кырачааннарбыт өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар Ньурба улууһун «Кэнчээри» оҕо уһуйаана ыыппыт сыл бэлиэтэ «Бөтүүк кыһыл көмүс тараахчаан» конкурска кыттан 9 оҕобут сертификат, иитээччилэр махтал сурук тутан олус үөрдүбүт. Сысолятина В.И. 2. Каникул күннэригэр араас таһымнаах күрэхтэр, көрсүһүүлэр Читать дальше …
Рубрика: Сулусчаан
Уһуйааммыт үбүлүөйэ
09.12.2016 Саамай долгутуулаах күммүт Саха тыйаатырын «Олоҥхо» саалатыгар үөрүүлээхтик ааста. Биһиги бары көхтөөхтүк кыттан бырааһынньыктаатыбыт.
Истиҥ көрсүһүү күнүгэр
08.12.2016 «Истиҥ көрсүһүү» күнүгэр биһиги уһуйааммытыгар сылдьыбыт араас көлүөнэ оҕолор кэлэн ыалдьыттаатылар. Биһиги иитээччилэрбит урут сылдьыбыт оҕолорун көрсөн долгуйдулар уонна үөрдүлэр.
Истиҥ бэлэх күнүгэр
07.12.2016 Истиҥ бэлэх күнүгэр төрөппүттэрбит уонна уһуйааммыт лего араас наборун бэлэхтээннэр наһаа үөрдүбүт. Махталбытын тиэрдэбит.
Ахсынньы ый
01.12.2016 Ахсынньы ый — билгэ хаан ыйа. Уһуйааммыт 35 сааһын туолар үбүлүөйдээх ыйынан эҕэрдэ! Бырааһынньыкпытын кэккэ ситиһиилэрдээх көрүстүбүт. Ол курдук: 1) 11-с нүөмэрдээх «Подснежник» уһуйааҥҥа уокурук уһуйааннарын басня ааҕыытыгар күрэх буолан ааста. Онно биһиги бөлөхтөн Аделина Чугунова Крылов И.Д. «Рак, сордоҥ Читать дальше …
Сулусчааннар ситиһиилэрэ
Бу нэдиэлэ биһиэхэ элбэх ситиһиилээх буолла! — 8 кыыспыт «Зима начинается с Якутии» конкурска «Хаар» туһунан ыллаатылар, олус үчүгэйдик кытыннылар. — 5 оҕобут : 1. Уйгулаана Андреева 2. Лиза Комиссарова 3. Павел Дмитриев 4. Галя Миссеева 5. Олеся Степанова Эмиэ Читать дальше …
Сулусчааннар сонуннара
30.11.2016 Саҥа нэдиэлэбитин «Оонньуур музейын» туһунан сэһэргэһиинэн саҕалаатыбыт. Ийэлэрбит, амаларбыт оонньообут оонньуурдарын көрөр олус интэриэһинэй эбит. Биһиэхэ үбүлүөйү көрсө оонньуур музейа аһыллыахтаах. Онно биһиги Андрейбыт ийэтэ Мария Яковлевна кыра эрдэҕинээҕи оонньуурдарын бастакы экспонатынан аҕалан бары үөрдүбүт. Махтанабыт. Өссө да аҕаларгытын күүтэбит. Оҕолор оонньуурдар Читать дальше …
Ааспыт нэдиэлэ сонуннара
28.11.2016 Үтүө күнүнэн! Үбүлүөйү көрсө уһуйааммытыгар араас өрүттээх тэрээһиннэр күннэтэ ыытыллан үөрүүбүтүн үксэтэр. Ол курдук: 1) Нэдиэлэбитин «Үчүгэйиэн бу сиргэ» телепередачаҕа саҕалаатыбыт. 2) Чэгиэн бөлөх ыытар «Көрдөөх стартарыгар» 1 миэстэни ылан наһаа үөрдүбүт. 3) «Зима начинается с Якутии» оҥоһук конкурсугар 5 оҕобут кытынна. 4) Чурапчы Читать дальше …
23.11.2016
«Күөх үүнээйи» бөлөх иһинэн ыытыллар куруһуокка уолаттарбытын үлэлэтэн күөх үүнээйини көрөргө-харайарга иэйэбит. Куруһуогу Изабелла Ивановна иилээн-саҕалаан ыытар. Иккис кэрэ сонуммут «Быысапкалааһын». Бу кэрэ эйгэҕэ эмиэ итээччи көмөлөһөөччүтэ Изабелла Ивановна уһуйар. Бу куруһуогу кыргыттарбыт олус сөбүлээтилэр.
21.11.2016
Бэнидиэнньик Ситиһии нэдиэлэтэ салҕанар. Уһуйааммыт төрөөбүт күнэ буолара 18 хонук хаалбыт. Күннэтэ араас тэрээһиннэр ыытыллан, үлэ күөстүү оргуйар. Нэдиэлэ маҥнайгы күнүгэр биһиги уһуйааммыт иитээччилэрэ уонна заведующай, биһиги бөлөхтөн 10 иитиллээччини илдьэн 2 блокка арахсан уһуллан кэллибит. Бары даҕаны киэн эйгэҕэ аан бастакыбытын тахсан Читать дальше …