Сулусчааннар сонуннара

23.09.2016 Үтүө күнүнэн! 1. Үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлиибит! Быйылгы үөрэх дьылыгар Сулусчааннар — оскуолаҕа киириигэ бэлэмнэнии бөлөх буолан улааттыбыт. Сайын устата улаатан элбэх битэмиин мунньунан билии ыларга бэлэммит!  2. Уһуйааммыт үөрэ көрсөн спортивнай күрэх ыытта. Онно биһиги I миэстэ буолан үөрдүбүт-көттүбүт.  27.09.2016 Күндү Читать дальше …

Ыам ыйын сонуннара

Ыам ыйа — иэйэхсит ыйа. Бу ыйга киһи айылҕаны кытта уһуктар үөрэр-көтөр. Ыам ыйа биһиэхэ Сулусчааннарга олус холкутук уонна үөрүүлээхтик саҕаланна. Элбэх оҕобут бу ыйга төрөөбүттэр эбит. Ыам ыйа — үөрэх дьылын түмүктүүр ый. Бу ыйга уһуйаан иһинэн ыытыллар күрэх-конкурс Читать дальше …

22.04.2016

Нэдиэлэ бүтүүтэ бэйэтэ ураты сэргэх күн буолла. Төрөппүттэр сайдар эйгэлэргэ ыалдьыттаатылар, оҕолорун көрдүлэр. Эбиэттэн киэһэ «Айыы кыһата» гимназия 3 кылааһын оҕолоро «Эрчимэн Бэргэн» диэн олоҥхону олоҥхолоон иһитиннэрдилэр. Сахабыт сирин Аан дойдуга аатырдыбыт олоҥхобут сайда, тэнийэ, угуйа туруохтун. «Декоративное рисование» кружоктан Читать дальше …

21.04.2016

Аһаҕас аан күннэрэ 4 күнэ олус интэриэһинэйдик саҕаланна. Ол курдук оҕолорбут күннээҕи дьарыктан ураты доруобай буоларга анаммыт «Здоровейка» эйгэ тэрээһинигэр сылдьан аралдьыйыыны көрдүлэр.                                     Читать дальше …

20.04.2016

Нэдиэлэбит үһүс күнэ. Саха күнэ. Бары ыарыһах оҕолор эмтэнэллэригэр анаан «Праздник жизни» акцияҕа кыттан бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрдибит уонна тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытынныбыт. «Аһаҕас аан» күннэрин чэрчитинэн бүгүн уолаттарбыт робототехника эйгэтигэр дьарыктаннылар, шашка алыптаах оонньуутугар күрэхтэһэн ыллылар.

18.04.2016

Үтүө күнүнэн! Биһиги уһуйааммытыгар үлэ нэдиэлэтэ көхтөөхтүк саҕаланна. Ол курдук бүгүҥҥүттэн саҕалаан нэдиэлэ устата аһаҕас аан күннэрэ саҕаланнылар. Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргээн. Бүгүн Мотрена Степановна аһаҕас дьарыгын «Хоту дойду олохтоох кыыла таба» туһунан билиһиннэрии. Оҕолор олус сэргээн үөрэ-көтө сырыттылар. Эҕэрдэлиибит этэҥҥэ ааспытынан.

Сулусчааннар сонуннара

1. Биһиги уһуйааммытыгар Строительнай уокурук иһигэр киирсэр уһуйааннар икки ардыларыгар «Мин дьиэ-кэргэним» диэн темалаах проект көмускээһинэ буолла. Онно биһиги бөлөхтөн Филиппов Слава кытынна. Ыыытыллыбыт сэһэргэһии сыала: оҕо толкуйдуур, саҥарар дьоҕурун ситимнээх саҥа нөҥүө сайыннарыы буолар. Бу күрэххэ оҕо дьиэ-кэргэнин туһунан сырдатар, Читать дальше …