Олунньу 19 күнүгэр «Үрүмэччи» бөлөххө «Сахалыы тыыннаах о5ону иитии» диэн тиэмэлээх төрөппүттэри кытта истиҥ кэпсэтии киэһэтэ буолан ааста. Бу күн биһиэхэ ыалдьытынан оҕо психолога, национальнай оскуолалар чинчийэр научнай институтун научнай сотруднига, «Сайдыс» оҕону сайыннарар киин директора Андросова Юлия Владимировна кэлэн Читать дальше …
Рубрика: Урумэччи
Оҕуруону тиһэбит, тарбахпытын эрчийэбит.
Быйыл күһүҥҥүттэн иккис сылын «Ойуулаах оҕуруо» диэн уһуйаан иһинэн куруһуокпут үлэлиир. Нэдиэлэҕэ биирдэ дьарыктанабыт. «Кэскил», «Үрүмэччи», «Сулусчаан», «Күнчээн» бөлөхтөртөн оҕолор олус сөбүлээн, үөрүүнү кытта сылдьаллар. Бу манна биһиги оҕуруо арааһынан маллары киэргэтэбит. Сыл аҥаардааҕы үлэбит түмүгүн иккис этээскэ быыстапка тэрийдибит. Читать дальше …
«Үрүмэччи» сана дьылга бэлэмнэнэр
Ханнык баҕарар киһи — улаханныын, кыралыын, уһун тымныы кыһыҥҥа кэтэһэр-күүтэр бырааһынньыга Саҥа дьыл буолар. Биһиги бөлөххө Саҥа сылы көрсө бэлэмнэнии үлэлэр буола тураллар. Ол курдук, Чысхаан быһыылаах адвент-халандаарынан Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыыбыт буолар күнүн ааҕабыт, күн аайы бириэмэни түргэнник аһараары халандаарбыт Читать дальше …
«Үрүмэччи» сонуннара
Сэтинньи ый — Байанай ыйа түмүктэннэ. Бу ыйга биһиги бөлөххө Баай хара тыа иччитэ Байанай туһунан оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин өссө кэҥэттибит. Оҕо толкуйдуур дьоҕурун, болҕомтотун, тылын саппааһын байытарга «Сохсо» диэн саҥа остуол оонньуутун оонньоотубут. Сонун оонньууну о5олор олус сөбүлээтилэр. Араас Читать дальше …
«Үрүмэччи сонуннара»
Сэтинньи ый 27 күнүгэр ыытыллыбыт, уһуйаан улахан саастаах оҕолоругар «Познай свой край, Якутию» остуол оонньуутун күрэҕэр, биһиги бөлөх оҕолоро 5 хамаанда кыттыбытыттан, 2 миэстэни ыланнар үөрдүлэр-көттүлэр. Бу күрэххэ Саха сирин айылҕатын, биллиилээх дьоннорун, үгэстэрин, кыылларын, символикаларын уо.д.а төһө билэллэрин тургутан Читать дальше …
«Үрүмэччи сонуннара»
Сэтинньи 17 күнүгэр «Үрүмэччи» бөлөх оҕолоро, төрөппүттэрэ «Мамонт» мусуойугар экскурсиялаан кэллибит. Оҕолор дьиҥнээх мамонт уҥуоҕун, скелетин илэ көрөннөр сөхтүлэр-махтайдылар. Телевизорынан хайдах түҥ былыргы мамоннар уҥуохтарын археологтар сир анныттан хостоон, лабораторияҕа үөрэтэллэрин көрдүлэр. Оҕолор билбэтэхтэрин билэн, көрбөтөхтөрүн көрөн дуоһуйан тарҕастылар. Читать дальше …
Маҥнайгы клубнай чаас
Быйыл үгэс буолбут маҥнайгы клубнай чааспыт » Бары бииргэ — чөл олоххо» диэн тиэмэҕэ буолла. «Үрүмэччи» бөлөх оҕолоро быраабыла, бэлиэ үөрэтэн, фишкалары оҥостон, суумкаланан бастакы сырыылара буолар: уьуйааны барытын кэринэн, бөлөхтөргө, аһаҕас кабинеттарга сылдьан араас тэрээһиннэргэ кыттан, үөрэн-көтөн, сүргэлэрэ өрө көтөҕүллэн, дуоһуйан кэлэннэр кэпсээн-ипсээн Читать дальше …
Үрүмэччи сонуннара
Алтынньы ыйга «Үрүмэччигэ» элбэх бырайыактар «Көмүс күһүн», «Кун кубэй ийэ», «Саха суруйааччылара — оҕолорго» диэн араас тэрээһиннэрэ буоллулулар. Ол курдук алтынньы 31 күнүгэр «Кэскиллээх аа5ааччы» саха суруйааччыларын айымньыларынан хоһоон күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэххэ оҕо уу сахалыы, дорҕоонноохтук ааҕан, араастык туттан-хаптан, Читать дальше …
Ситиһиилээх сыл саҕаланна
Быйылгы үөрэх сыла биһиги «Үрүмэччибитигэр» ситиһиилээхтик саҕаланна. Ол курдук балаҕан ыйыттан саҕалаан уһуйаан араас хабааһыннаах тэрээһиннэригэр кыттаммыт бириистээх миэстэлэри ыллыбыт. Кэннибитин хайыһан көрдөхпүтүнэ: суол быраабылаларынан квест-оонньууга бэлэмнэнии уонна улахан бөлөх оҕолоругар биэс хамаандаттан иккис миэстэ, антитеррорга аналлаах акцияннан ыытыллыбыт курэхтэһиигэ Читать дальше …
«Үрүмэччи сонуннара»
«Көмүс күһүн»- атыы — дьаарбаҥката. Алтынньы ый 5 күнүгэр уопсай уһуйаан дьаарбаҥката буолан ааста. Онно биһиги бөлөх иитиллээччилэрэ, төрөппүттэрэ көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук оголор «О5уруот астара» — диэн монтаж-хоһоон аахтылар, «Күһүн»- диэн ырыа ыллаатылар. Төрөппүттэрбит остуолларын тэрийбит тиэмэлэрэ «Саһархай төбөлөөх Читать дальше …