«Күнчээн» бөлөххө «Мин дьиэ кэргэним» нэдиэлэ буолан ааста. О5олор дьиэ кэргэннэрин туhунан билиhиннэрдилэр. Ийэлэрин, а5аларын ааттарын билэллэрин ханна үлэлииллэрин кэпсээтилэр. «Мин дьиэ кэргэним» диэн тарбах гимнастикатын, сахалыы ааттарын билистилэр. Иитээччи Урбагаева М.И.
Рубрика: Кунчээн
«Күнчээн» ыалдьыттара
«Күнчээн» кыра бөлөх оҕолоругар Саха театрын артыыһа Луковцев Иннокентий Егорович уонна НВК Саха «Биһикчээн» телепередача ыытааччыта Лидия Васильевна Барбасытова кэлэн ыалдьыттаатылар. Оҕолорго араас остуоруйалары кэпсээтилэр . Оҕолор наһаа астына дуоһуйа иһиттилэр. Төрөппүттэрбитигэр улахан махталбытын тириэрдэбит. Иитээччи Урбагаева МИ
«Күнчээн» сонуннара
«Күнчээн» кыра бөлөххө «Ийэҕэ махтал» нэдиэлэни түмүктээһиҥҥэ төрөппүт Күннэй Николаевна кэлэн бичиэнньэ оҥорорго мастер-класс оҥоттордо . Тиэстэни хайдах төкүнүтэн, бичиэнньэни форманан быһарга уонна киэргэтэргэ үөрэттэ. Астаабыт минньигэс аспытын духовка оһоххо буһаттардыбыт, оҕолор бэйэрин оҥорбуттарыттан астынан сиэтилэр! Күннэй Николаевнаҕа махталбытын тириэрдэбит! Читать дальше …
Кыайыы күнэ
«Ким да умнуллубат, Туох да умнуллубат…» Улуу Кыайыы күнүн көрсө «Күнчээн» бөлөххө араас дьарыктар буоллулар. Сэрии алдьархайын туһунан, Кыайыыны уһансыбыт дьоруойдар тустарынан презентациялары, уус-уран айымньылары ааҕан, бэсиэдэлэр буолан аастылар. Оҕолор Мин эбэм, эһэм ветеран — бырайыак көмүскээтилэр. Эбээлэргэ, эһээлэргэ бэлэхтэри Читать дальше …
Кыайыылаахтар түһүлгэлэрэ
Муус устар 25 күнүгэр биһиги уһуйааммытыгар «Мичээр сулуһа» үрдүк анал ааты туттарыы кэрэ тэрээһинэ буолан ааста. 3 улахан, 2 оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөхтөртөн барыта 18 оҕо сыллааҕы ситиһиилэрин, күрэххэ кыттыыларын түмэн чиэстэннилэр. «Күнчээн» бөлөхтөн Кожуров Боря «Инженерия» көрүҥэр ситиһиитин иһин, Макаров Читать дальше …
Прошёл сетевой турнир по ДИП «Сонор»
25 апреля 2019 г на базе детского сада № 79 города Якутска «Лучик» прошел сетевой турнир по ДИП «Сонор». Принимали участие 15 детских садов города Якутска, в том числе детские сады «Лучик», «Мичээр», «Колокольчик», «Остров сокровищ», «Тропинка», «Подснежник». В турнире Читать дальше …
«Күнчээн сонуннара»
«Сонор» оонньуу оҕо өйун-санаатын, сатабылын, дьулуурун, дьоҕурун кыра сааһыттан сайыннарар, билиигэ көрүүгэ уһуйар, сиэрдээх буолууга иитэр. Муус устар 23 күнүгэр «Мичээр» уһуйааныгар Саха Республикатын нэдиэлэтигэр аналлаах «Төрөөбүт дойдугун төһө билэҕин?» хамсаныылаах өй-толкуй «Сонор» оонньуута күрэх ыытылынна. «Сонор» историята, төрөөбүт дойду, Читать дальше …
Төрөөбүт дойдум устунан айан
Оҕолор ийэлэрин, аҕаларын төрөөбүт дойдуларын, төрдүлэрин-уустарын туһунан төрөппүттэрин кытта «Мини-книжка» оҥорон аҕалан кэпсээтилэр. Күнчээн бөлөх оҕолоро Төрөөбүт дойдум устунан айан диэн остуол оонньуутун оонньоон көрдөрдүлэр. Оонньуу сыала: Саха сирин улуустарын ааттарын, гербэлэрин билиһиннэрии. Оонньуу быраабылатын көрдөрөн тутан-хабан, сааһылаан-наардаан, пазл оҥорон Читать дальше …
Күнчээн сонуннара
Кулун тутар 20 күнүгэр строительнай уокурук уһуйааннарын икки ардыгар Сонор интеллектуальнай оонньуу буолан ааста. «Күнчээн» бөлөхтөн Шишигина Дайаана, Аркадьев Матвей, Христофоров Эркин, «Кэнчээри» бөлөхтөн Ноева Айаана кыттыыны ыллылар. Барыта 14 уһуйаан, 26 оҕо бэйэлэрин уһуйааннарыгар миэстэлэспит оҕолор күөн керустулэр. Оонньуу Читать дальше …
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ
Олунньу 22 күнүгэр биһиги уһуйааммытыгар Аҕа дойдуну көмүскээчилэр күннэригэр аналлаах «Оҕой Боотурдар» күрэхтэрэ буолан ааста. Күрэххэ биэс бөлөх кытынна. Бастакы түһүмэххэ бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, алгыс тылларын эттилэр. Иккис түһүмэххэ биһиги уолаттарбыт «Уол оҕо туохтан да куттаммат» диэн ырыанан эҕэрдэлээтилэр. Үһүс түһүмэххэ Читать дальше …