Тереебут айылгагын харыстыан, уон оччонон утуену ылыан!
Олунньу 20 кунуттэн кулун тутар 5 кунугэр диэри биһиги уһуйааммытыгар «Айылҕаны харыстыан- чөл туруктаах олохтонуон» диэн тэрээһин — аахсыйа ыытыллар.
Хас биирдии киһи доруобуйата чөл, олорор сирэ ыраас буоларын туһугар, туттуллубат араас, малы — салы , туһаттан тахсыбыт пластик хаппахтары, батарейкалары, хортуоннары, лаампалары уонна да атын буортулаах малы тус туһунан наардаан хомуйууга аналлаах ууруналар баар буоллулар. Тус -туспа наардаан хомуйуу, ол аата иккистээн оҥорон туһаҕа таһаарар собуоттарга чэпчэтии оҥорорбут улахан суолталаах .
Тэрээһин ыытыллар кэмигэр хас биирдии бөлөх, үлэһиттэр тулалыыр эйгэбитин харыстыыр аахсыйабытыгар көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт . «Үтүө хаппахтар» диэн акцияҕа аҥардас пластиктан эрэ оҥоһуллубут хаппахтары хомуйабыт. Бу аахсыйаттан киирбит үп доруобуйаларынан мөлтөх, тулаайах хаалбыт оҕолорго көмөлөһүү буолуоҕа. Маны тэҥэ , Саха сиринээҕи олох -дьаһах хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэрийэн ыҥырар «Мы за раздел сбор отходов» диэн күрэскэ кыттыы буолар.
Бу күрэс икки көрүҥнээх: — — Оҕолор уруһуйдара уонна оҥоһуктара. Күрэскэ 6 саастарыттан кытталлар. Аахсыйа түмүгэ
Кулун тутар 13 күнүгэр тахсар.
Тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыаҕын, чөл олоҕу тутуһан ,төрөөбүт айылҕабытын харыстыаҕын.