«Гномнар чинчийэр лабораторияларыгар»

Олунньу 13 кунугэр » 9 төгүл тоҕо» иитээччилэр айар бөлөхтөрө «Гномнар чинчийэр лабораторияларыгар» диэн аралдьыйыыны ыыттыбыт. Оҕолорго араас опыттары, кэтээн көрүүлэри, чинчийиилэри көрдөрдүбүт. Ол курдук: тыыннаах чиэрбэни кэтээн көрдүбүт кини сатаан сыты билэрин, ууттан куттанарын илэ харахтарынан көрөн сөхтулэр, соһуйдулар. Сымыыт (сиикэй сымыыты буспут сымыыттан араара уөрэннилэр), крахмал (убаҕас, кытаанах буоларын) свойстволарын чинчийдибит , кислотаны кытта билсистилэр. Саахарга уу баарын, суоҕун, уу арыыттан төһө ыйааһыннааҕын быһаардыбыт. Оҕолор билбэтэхтэрин билэн, көрбөтөхтөрүн көрөн, истибэтэхтэрин истэн дуоһуйан, саҥа билии эбинэн таргастылар.

                                                                                                             Григорьева С.А.

https://www.instagram.com/p/BtzuedPh5i-/?utm_source=ig_web_copy_link