Үтүө күн буолуохтун!
Кыра оҕо саҥарар саҥата баай ис хоһоонноох буоларыгар күннэтэ кыһаллан дьарыктыыр олус наадалаах уонна туһалаах. Сынньалан күннэргэ, иллэҥ кэмҥитигэр кырачааннаргытын кытта оонньуу таарыйа дьарыктанаргытыгар сүбэлиибит:
Саҥарар саҥаны сайыннарыы
Дорҕоону чуолкайдык саҥара үөрэнэргэ оонньуулар:
“Тылы ситэр” Сыала : тыл сүһүөхтэртэн турарын билээри тылы сүһүөхтэргэ араарарга эрчийии. Ис хоһооно : иитээччи талбыт оҕотугар мээчиги быраҕар уонна тыл бастакы сүһүөҕүн этэр. Мээчиги хаппыт оҕо тылы ситэрэн этиэхтээх. Холобур: са-йын са-һыл са-ҕа си-рэй тым-ныы там-мах уо.д.а.
“Маннык дорҕоонноох тылла эт” Сыала: өйдөөн истэр толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар. Ис хоһооно: иитээччи биир оҕоҕо мээчиги быраҕар уонна дорҕоонноох тылы этэригэр көрдөһөр. Оҕо мээчик бэргэһэ диир. Иитээччи икки оҕоҕо атын дорҕоонноох тылы этиттэрэр. Оонньуу салгыы барар.
«Кылгас – уһун” Сыала: кылгас уһун аһаҕас дорҕооннору арааран истэргэ үөрэтии болҕомтолорун салгыы сайыннарыы. Ис хоһооно: оҕолор иитээччи тылы эттэҕин аайы ытыстарын таһыналлар — кылгас аһаҕас дорҕоонноох тылга биирдэ, уһун аһаҕас дорҕоонноох тылга иккитэ. Маас, бэс, тыы, баар, кэл уо.д.а. Ким сыыспыт оонньууттан туоруур.
«Ойуулары сааһылаа» Ж –Ш дорҕоон Сыала: ж –ш дорҕооннору араарарга үөрэтии, боҕомтолорун сайыннарыы Ис хоһооно: остуолга еж, жираф, шина, шофер, абажур, чебурашка, флажок ойуулара сыталлар. Бастакы оҕо Ж дорҕоон, иккис оҕо Ш дорҕоон саһа сылдьар ойууларын булаллар. Ким алҕаһаабакка инники талбыт кыайыылаах тахсар.
“Телефон” Сыала: дорҕоону арааран истэр дьоҕурдарын, болҕомтолорун сайыннарыы. Ис хоһооно: оҕолор кэккэлэһэ олороллор. Иитээччи бастакы оҕоҕо биир тылы сибигинэйэр. Ону оҕо кэккэлэһэ олорор табаарыһын кулгааҕар сибигинэйэн этэр. Ким сыыһа тиэрдибит туоруур. Алдьаммыт телефон аатын ылар.
“Эттиктэр тыастарынан дорҕоону эт” Сыала: эттик саҥатын тыаһын билии, дорҕоону таба саҥарыы. Ис хоһооно: ыытааччы эттиги ааттыыр, ол тылга баар сүрүн дорҕооннору этэн иһэллэр. Холобур: тыал \ с-с\ шар\ш\ борокуот \ уу-у\ чаанньык \ щ\ аһыҥка \ ж\ кумаар \з\.
Дорҕооннорго остуол оонньуулара:
“Дьүөгэлиилэр” Олорбуттара эбитэ уьу аҕыс дьүөгэлиилэр. А,Ы,О,У,Э,И,Ө,Ү Кинилэр тыаҕа отоннуу барбыттар. Күнү быһа отоннообуттар. Сылайбыттар, сынньана олорбуттар. Арай өйдөөн көрбүттэрэ биир кыыстар суох эбит. Ким суох эбитий? Болҕойон көрүҥ ханнык баҕарар , хас баҕарар кылгас аһаҕас дорҕоон буолуон сөп. /а, ы, о, у, э, и, ө, ү/. Оонньууга иннилэригэр–кэннилэригэр дорҕоонноох букубаар, ол алын өттүгэр кылгас аһаҕас дорҕоону көрдөрөр болдьох бэлиэлээх /кыһыл түөрт муннук/ илин-кэлин биир сирэйдээх куукулалары туттуохха сөп. Куукула кэлин өттө болдьох бэлиэтэ суох аҥардас дорҕоон эмиэ буолуон сөп.
«Бииргэ төрөөбүттэр» А – дорҕоон /кылгас аһаҕас дорҕоон/ эдьиийин көрдүү барбыт, булбатах, аара турар дьиэҕэ көрбүтэ , кини эдьиийэ олорор эбит. Үөрэ-көтө көрсүбүттэр, дьиэлэригэр барбыттар./дьиэттэн уһатыылаах аһаҕас дорҕоон АА буолан тахсаллар/ оонньууга иннилэригэр кылгас аһаҕас дорҕоонноох /буукуба/ ол алын өттүгэр кылгас аһаҕас дорҕоон болдьох бэлиэлээх, оттон кэннилэригэр эмиэ уһун аһаҕас дорҕоон болдьох бэлиэлээх илин-кэлин биир сирпэйдээх куукулалар туттуллаллар.
“Дьукаахтыылар” Олорбуттара эбитэ үһү А уонна Ы дорҕооннор. Таһырдьа күүлэйдии тахсыбыттар, сарсыарда быһаарыммыттар, сирэйбитигэр А хаалан хаалбыт, хомойбут. Онуоха Ы ылыммыт, Чэ кэл тыы буолуохха –диэбит. Онтон ыла арахсыспат дьукаахтыылар буолбуттар. ЫА –дифтонг буолбуттар. Ити курдук атын дифтоннар эмиэ дьукаахтыы буолаллар. Оонньууга иннилэригэр бэйэ –бэйэлэриттэн тэйиччи тус-туһунан турар дифтонг буолан хаалыахтаах аһаҕас дорҕооннордоох, аллараа кылгас аһаҕас дорҕоон болдьох бэлиэлэрдээх, оттон кэлин өттүлэригэр дифтоннардаах , эмиэ дифтону көрдөрөр болдьох бэлиэлэрдээх илин –кэлин сирэйдээх куукулалар туттуллаллар.
“Көстүбэт дорҕооннор” Сыала: оҕо толкуйдуур дьоҕурун , болҕомтотун тылын сайыннарыы. Ис хоһооно: иитээччи кэннинэн туран салгыҥҥа араас дорҕоону суруйарын оҕолор таайаллар, ол таайбыт дорҕоонноругар тыл булаллар.
“Көрүдьүөс этиилэр” Сыала: карточкаҕа баар ойуулартан көрүдьүөс этиилэри толкуйдааһын. Х-Б, Н-Ҥ, П-Б дорҕооннору чуолкайдык саҥара үөрэнии. Туттар тэрил: 18+12 см /алта алталыы ойуулаах/ карточкалар, сабыллардаах. Оонньуу быраабылата: уопсайа 6 оҕо оонньуур. Иитээччи /оҕо/ оонньууну ыытааччы. Оҕолор биирдии карточка ылаллар . Карточкаҕа баар ойууларынан көрүдьүөс этии толкуйдууллар. Ханнык тылы карточкаҕа туттар да ойуутун сабан иьэр. Ким карточкатын ойуутун урут бүтэрбит, ол кыайар. Холобур: биирдэ тураах олоппос оҥорбут ону оҕус муоһугар иилэн илдьэ баран хаалбыт. Тураах ,олоппос оҕус диэн тыллар ойууларын сабан кэбиһэр. Хаалбыт тылларга өссө этии толкуйдуур.
“Күөрчэх “ оонньуу Сыала; икки дорҕоонноох тыллары дорҕооннорунан араара истэргэ үөрэтии. Тыл бастакы иккис дорҕоонноро ханныктарын ырытан этэргэ үөрэтии. Туттар тэрил; мас ытык, мас ытыкка аҕыс ойуулаах, ат,от, ыт, эт, уус, ус, от, иис. Оонньуу быраабылата: хас баҕарар оҕо оонньуур. Ытыгы биир оҕо эргитэр , ханнык ойууга кэлэн иҥнэс гына түһэр да туох ойууламмытын оҕо этэр, онтон бастакы дорҕооно, иккис дорҕооно ханныктарынан быһааран этэр. Холобура: ыт / бастакы дорҕооно кылгас аһаҕас, иккиһэ – бүтэй/Уус — /бастакы дорҕооно уһатыылаах аһаҕас дорҕоон, иккиһэ –бүтэй. Салгыы оҕолор биир –биир ытыгы эргитэллэр, оҕо кыайан дорҕоонун эппэтэҕинэ көмөлөөн ырыталлар. Кэлин икки дорҕооннооҕу үчүгэйдик ырыта үөрэннэхтэринэ, атын үс-түөрт дорҕоонноох тылларга оҥорон оонньотуохха сөп.
“УО –дорҕоон балаҕана” Сыала: оҕо схематтан УО дифтоннаах тыллары толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы. Туттар тэрил: тыл схемалара/карточкалар, иккилии устуука/ 12=6 см 18=6 см 25=6 см Оонньуу быраабылата;икки оҕо оонньуур. Иккиэн үстүү схемалаах карточка уонна биирдии балаҕан быһыытын ылан олороллор. УО дифтоннаах эрэ тыллары этиэхтээхтэр, схемаҕа сөп түбэһэри эрэ этэллэр. Алларааттан үөһээ тахсан иһэбит. Алларааттан биэс дорҕооннору уураллар, онтон үс дорҕооннооҕу, онтон үөһэ икки дорҕооннооҕу. Холобур: куоска, муоста, ньуоска Муос, буор, суор, туой Уот, уол, уос, уон УО балаҕаны ким урут толорбут ол кыайар. Оонньуу саҥаттан саҕаланар.
“Сүһүөхтэр” Сыала: тылы сүһүөхтүүргэ үөрэтии Икки –үс сүһүөхтээх тыллары ырыта үөрэтии. Туттар тэрил: арыллар ойуулаах–схемалаах карточкалар. Биирдии карточкаҕа / уопсайа алта карточка / үс тыл схемата уонна ойуу. Ойуулар: куобах, балык, отон, сибэкки, хомурдуос, хаппыыста. Быраабылата: үс оҕо оонньуур. Хас биирдии оҕо иккилии карточка ылар. Иккилии–үстүү сүһүөхтээхтэн биирдиини. Остуол тула олороллор. Карточкаҕа баар ойууну көрөн, схематын булан көрдөрөллөр.