11.10.2016. Номнуо көмүс күһүммүт ааһан, кыһыҥҥы хонуктарга үктэнэн эрэбит. Күһүнү атаара “Мичээр” уһуйааҥҥа бэртээхэй ярмарка буолан ааста.
Ярмарка Арассыыйа киинэтин сылыгар анаммыт буолан, бүлүүдэлэр араас көрдөөх мультгеройдарынан киэргэтиллэн, төрөппүттэр араас герой (персонаж) буолан, оҕо үөрүүтүн үксэттилэр.
Бырааһынньыгы “Чуораанчык” бөлөх оҕолоро көрдөөх ырыанан астылар.
Ону тэҥэ айылҕа материалларыттан араас оҥоһуктар группа киирэр аанын киэргэтэллэр.
“Чуораанчык” бөлөх