Уолу уол, кыыһы кыыс курдук иитии проегынан ыытыллар тэрээһиннэр олус интэриэһинэйдик уонна туһалаахтык ыытыллаллар. Кулун тутар 16 күнүгэр Дмитрий Иванович Антонов, Олег аҕата, «Салгын» диэн темага араас чинчийиилэри көрдөрөн оголор интэриэстэрин тарта.
Дмитрий Ивановичка улахан махталбытын тиэрдэбит.
Иитээччи: Афанасьева М.В.
«Мичээр Кэрэтэ» куонкурус кулун тутар 16 күнүгэр буолан ааста. Биһиги бөлөхтөн кыттыыны ылла Готовцева Июлияна ийэтинээн Мария Матвеевналыын. Үҥкүүлээн, хомустаан көрөөччүлэри үөртүлэр. Тыҥааһыннаах киирсии кэннэ «Мисс Оригинальность» ааты ылан үөрдүбүт — көттүбүт.
Кыттааччыларбытыгар уонна тэрийсибит төрөппүттэрбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит.
Иитээччи: Афанасьева М.В.
Кулун тутар 6 күнүгэр бөлөхпүт иһинэн «Кэрэчээнэ Куо — 2018» диэн кыргыттарбытыгар анаан күрэхтэһии буолан ааста.
Күрэх олус интэриэһинэйдик, өрө көтөҕүллүүлээхтик барда. Төрөппүттэр кыргыттарын сүүрэн -көтөн таҥыннаран, симээн, киэргэтэн бииртэн биир кэрэ куоларбыт биһигини үөртүлэр, дуоһуттулар.
Барыта 4 түһүмэги ааһан Кэрэчээнэ Куо үрдүк аатын ылла Олеся Васильева, атыттарга олус кыраһыабай ааттар иҥэриллинэр.
Улахан махталбытын тиэрдэбит биһиги ийэлэрбитигэр, аҕаларбытыгар.
Иитээччи: Васильева М.И.