Кэскил сонуннара

Сэтинньи 30 күнүгэр «Кэскил» уонна «Чуораанчык» бэлэмнэнии бөлөх уолаттарыгар Байанай ыйын түмүктээн, билбит билиилэрин чиҥэтэн олус көрдөөх, үөрэтэр аралдьыйыы буолан ааста. Ол курдук икки хамаандаҕа арахсан уолаттарбыт булка-алка сыһыаннаах ыйытыыларга хоруйдаан, хамсаныылаах, сүүрүүлээх «Дулҕа туорааһына», «Туһах иитии», «Сыал быраҕыы» курдук оонньуулары оонньоон  оҕолор мэдээл, минньигэс бириистэри ыланнар үөрүүлэрэ үгүс.

Иитээччи: Афанасьева М.В.

Общее фото

Сууруу