Биһиги уһуйааммытыгар «Кыайыыга махтанабыт» диэн Кыайыы 73 сылыгар аналлаах айар-чинчийэр бырайыак буолан ааста. Бу бырайыак үс ыйытык технологиятынан ыытылынна. Ол курдук, бары иитээччилэр, төрөппүттэр уонна оҕолор биир дьиэ кэргэн буолан сомоҕолоһон, сүбэлэһэн оҕолорбут билиилэрэ хаҥыырын туһугар элбэх үлэни көрсөммүт ыам ыйын 8 күнүгэр түмүктүүр тэрээһини «Тоҕус төгүл тоҕо?» иитээччилэр айар бөлөхтөрө иилээн саҕалаан ыыттыбыт. Олус бэртээхэй тэрээһин ааста. Сэрии аны буолбатын, харах уута тохтубатын туһугар оҕолор баҕа санааларын эттилэр, ырыа ыллаатылар, хоһоон аахтылар уонна ункуу үөрэппиттэр. Хос эбээлэрэ, эһээлэрэ Улуу Кыайыыга кылааттарын кэпсээн көрдөрдулэр. илиинэн оҥорбут оноһуктарын выставкалаатылар.
«Тоҕус төгүл тоҕо?» иитээччилэр айар бөлөхтөрө.