Норуот тылынан уус — уран айымньыта

Саха

Кунду тороппуттэр!

Саха омуга, о5отун кыра эрдэ5иттэн «Мин сахабын» — диир, бэйэтигэр эрэллээх, чөл өйдөөх-санаалаах, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх, айар дьо5урдаах, талба талааннаах, төрөөбүт төрүт тылын,  культуратын, дойдутун ытыктыыр киhи гына иитиэхтээх. Итини барытын норуот тылынан уус-уран айымньытын нонуо иитэн-уорэтэн улаатыннаран таhаарыахха соп.

Дьэ, ол иhин уунэр колуонэни торут культура5а уhуйарга, обугэлэрбит угэстэригэр уорэтэргэ, киниэхэ торообут норуотун кутун-сурун инэрэргэ, о5о эстетическай сайдыытыгар, сиэр-майгы оттунэн иитиллэригэр саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын куруhуога буолар.

О5о5о норуот кутун-сурун инэрэргэ, фольклор айымньыларын араас коруннэрин билсиhэрин, интэриэhиргиирин, уорэнэрин таhынан, хайа оттугэр дьо5урдаа5ынан таба таайан соптоох суолга салайыы, улахан суолтаны ууруу куруьуок салайааччытыгар. О5о5о норуот кутун –сурун инэрэргэ фольклор айымньылара суду суолталаахтар

Фольклор – саха о5отун сахалыы тыыныытын, интэриэhин ко5утуутугэр араас корунун, ньыматын болохторунэн уонна биирдии о5онон анаан туран дьарыктаныы.

Куруhуокка билбити- корбуту тороппуттэрдиин уллэстии.

Чабыр5ах

Чабыр5ах саха норуотун тылынан айымньытын саамай кордоох, сытыы сатирическай формата. Тас киэбинэн хоьоонно маарынныыр, ол гынан баран субур5ата кылгас, кэрчик буолар. Чабыр5ах  тылынан лабыр5аччы тургэнник эрэ этиллэр буолбакка, тыла чуолкайдык иьиллэр буолуохтаах  биитэр ырыанан анардаан толоруллар.

Чабыр5ах этэргэ о5о тыла-оьо эрчиллэр, тургэнник ойдуур дьо5ура сайдар. О5о5о аналлаах чабыр5ах:

— ахсаан чабыр5ах;

-кэрискэ чабыр5ах.

Чабыр5а5ы аа5арга о5о тыынын сопко ылара наада. Чабыр5ахтыырга о5ону биэс сааьыттан уорэтиллэр. Бу кэмнэ о5о торообут тылын бары дор5ооннорун баьылыыр, чабыр5ах тылын чуолкайдык санарар кыахтанар. Чабыр5а5ы уорэтиигэ хоьоону уорэтэр ньыманы туттабыт.

5-6 саастаахтарга

Чабыр5ахтыырга:

1.Тыллаах буолар чабыр5ах

2.Куьун

3.Чыычаах о5ото

4.Кыьын

5.Кирдээх о5о

6. Ахсаан чабыр5ах (Е. Мартынов)

7. Кутуйах туьунан ((Ноговицын В.А)

8.Мэник

9. Былыргы чабыр5ахтар (С. Зверев)

6-7саастаахтарга

Чабыр5ахтыырга:

1.Чыыбы-чаабы(Г.Иванова)

2.О5о

3.О5о-аймах

4.Куоска (Ноговицын В.А)

5.Уон чабыр5а5а (Ноговицын В.А)

6. Ынах чабыр5а5а (Ноговицын В.А)

7. Уон хоьооно (Ноговицын В.А)

8.О5ус са5а буолуо5ун…(П.Тобуруокап)

9.Тобо(Г.Иванова)

10.Туруйа сымыыта…(П.Степанов)

11.Анды сымыыта (Т.Наумовскай)

12.Илии туьунан чабыр5ах (Е. Местникова)

13. Детсад оло5уттан

Захарова А.Е.