Остуоруйаҕа ыалдьыттааһын

Остуоруйа истэр киэһэм — 

Оҕо сааһым чулуу дьоло,

Остуоруйа — бараммат кэм,

Остуоруйа — аптаах олох.

Иван Гоголев.

«Остуоруйаҕа ыалдьыттааһын» хамаанданан күрэс олус көхтөөхтүк икки улахан бөлөх оҕолоругар буолан ааста. Хамаандалар араас сорудахтары толороннор остуоруйаны олус сөбүлүүллэрин, таптаан истэллэрин, билиилэрэ киэнин көрдөрдүлэр. «Күнчээн» да,  «Кэнчээри» да бөлөх оҕолоро элбэх моһоллору ааһан, хайалара да тэҥ бааллананнар күрэс тыҥааһыннаахтык ааста. Биир эрэ баалынан «Күнчээннэр» кыайдылар. Өссө да ситиһиигит элбии турдун.

«9 төгүл тоҕо?» айар бөлөх. Аргунова М.Г.

IMG-20180321-WA0036IMG-20180321-WA0035IMG-20180321-WA0040