Биһиги бөлөх оҕолоро кыһыҥҥы бырааһынньыкпыт, аптаах Саҥа дьылбыт, кэрэ кэьиилээх иьэрин олуһун кэтэһэбит. Бу кэлбит ыйга, нэдиэлэ саҕаланаатын кытта күммүтүн ааҕан бардыбыт. Ол курдук уран илиилэрбитинэн иитээччилэрбитигэр көмөлөһүннэрэн адвент-халандаар оҥоһуннубут. Уьуйааммытыгар Тымныы Моруос кэлэр утренникпыт күнүн аахпытынан бардыбыт. Бэҕэһээ Тымныы Моруоска сурук суруйдубут, уруһуйдарбытын ыыттыбыт. Бүгүн минньигэһинэн күндүлэнэбит. Харыйаҕа киэргэл оноробут. Ити курдук кун аайы сорудах толорон күммүтүн түргэнник атаарыахпыт.
иитээччи Аргунова М.Г.