Ыам ыйын 26 күнүгэр «Мичээр» уһуйааммытыгар сайыҥҥылыы сылаас күҥҥэ «Сайылык оҕолоро» — диэн аралдьыйыы буолан ааста.Оҕолор саҥа күнү уруйдаан хамсаныылаах хоһооннорунан, чабырҕахтарынан эти-сиини уһугуннардылар. Орто, улахан, бэлэмниир бөлөх оҕолоругар аналлаах маассабай спортивнай оонньуулар ыытылыннылар. Оҕолору кыра саастарыттан саха норуотун оонньууларыгар сыhыаран, өбүгэлэрбит эти- сиини сайыннарар үтүө үгэстэригэр олоҕуран, хас биирдии оҕо көхтөөхтүк оонньууларга кытыннылар, минньигэс бириистэрин тутан астына-дуоһуйа тарҕастылар.
Тэрийэр бөлөх «Дьулуур»