«Саха оҕотун төрөөбүт тылынан уһуйан иитии» диэн I өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл

1a223461-ee07-45b1-a140-df272a2e1622

Сэтинньи  3 күнүгэр «Арассыыйа — мин устуоруйам» түмэлигэр «Саха оҕотун төрөөбүт тылынан уһуйан иитии»  диэн I өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ 82№-дээх «Мичээр» уһуйаана Дьокуускай к. көхтөөхтүк кытынна.

     «Мичээр» уһуйааҥҥа оҕо кыра эрдэҕиттэн истиҥ сыһыаҥҥа, иһирэх тылга угуттанар,  ийэ тылын илгэтин иҥэринэ улаатар. Сахалыы ырыа-хоһоон, чабырҕах, таабырын, өс-хоһоон, остуоруйа, оһуохай, олоҥхо  кэнчээри ыччаппытыгар кэскилэ буолар. Сахалыы хамсаныылаах оонньуу, илии-атах, остуол, тыл-өй оонньуута, өй-толкуй оонньуута, хамсаныылаах, остуол   «Сонор» оонньуута иитиллээччилэрбитигэр үйэлэрин тухары арахсыбат атас-доҕор буолар.

      Оҕо кыратыттан төрөөбүт тылын билбэт буоллаҕына, элбэҕи сүтэрэр. Тыл баарын тухары омук инникилээх. Саха омуга, оҕотун кыра эрдэҕиттэн «Мин сахабын» — диир, бэйэтигэр эрэллээх, чөл өйдөөх-санаалаах, сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх,  эт-хаан  өттүнэн сайдыылаах, билэ-көрө сатыыр интэриэстээх, айар-тутар дьоҕурдаах, талба талааннаах, төрөөбүт төрүт тылын, төрүт култууратын, дойдутун ытыктыыр киһи гына иитиэхтээх. Ийэ  үүтүн  кытта тылбыт, култуурабыт иҥэриллиэхтээх.

    Төрөөбүт тылбыт симэлийэн хаалбатын туһугар, кэнчээри ыччаппытын сахалыы тылынан саҥарда үөрэтэн иитэргэ бары бииргэ үлэлэһиэҕиҥ!