Олунньу 19 күнүгэр «Үрүмэччи» бөлөххө «Сахалыы тыыннаах о5ону иитии» диэн тиэмэлээх төрөппүттэри кытта истиҥ кэпсэтии киэһэтэ буолан ааста. Бу күн биһиэхэ ыалдьытынан оҕо психолога, национальнай оскуолалар чинчийэр научнай институтун научнай сотруднига, «Сайдыс» оҕону сайыннарар киин директора Андросова Юлия Владимировна кэлэн оҕону кытта икки тылынан тэҥҥэ саҥарыы туһунан, оҕолорго туох туһалааҕын, хайдах сөпкө оҕону сайыннарар туһунан кэпсэттэ уонна төрөппүттэргэ бэйэтин субэтин-аматын биэрдэ. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор сүрүн дьарыктара оонньуу буоларын быһыытынан саха оҕолоругар сахалыы өбүгэбит оонньуутун сөргүтэн саҥалыы оҥорон, өрө тутан оҕолорго элбэхтик дьиэ кэргэҥҥэ, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа оонньотуохха диэн эттэ. Өссе биһиэхэ Анна Елисеевна Захарова, уһуйааммыт фольклорга уһуйааччыта төрөппүттэргэ бэйэтин уопутуттан уллэһиннэ. О5о тылын сайыннарарыгар бэйэтин ньымаларын кэпсээтэ. Кэлбит төрөппүттэр мунаарар ыйытыыларыгар элбэх сүбэлэри ыллылар, билиилэрин хаҥаттылар. Үөрэн, махтанан бардылар. Бөлөхпүтүгэр иитээччилэр ханнык оонньуулары туһанарбытын сырдаттыбыт. Оҕолор дьарыкка хайдах саҥаралларын видеороликка устан көрдөрдүбүт, кылгас ыйытык түмүктэрин кэпсээбиппит сэҥээриини ылла. Олус астынан, долгуйан төрөппүттэрбит тарҕастылар.