Үтүө күнүнэн!
Биһиги «Сулусчааммытыгар» күннэтэ мустаммыт араас саҥаны билэбит.
Тымныы Эһэчээммитигэр саҥа дьылы көрсө мичээрбитин оҥорон бэлэх ыыттыбыт.
Тымныы моруос мастарыскыайагар мустаммыт уруһуйдуубут, кумааҕынан арааһы оҥоробут.
Семенов Димабыт хаартыскаҕа араастаан түһэрин наһаа сөбүлүүр. Димабытыгар анаан персональнай быыстапка тэрийдибит. Димабыт талаана өссө арыллан үтүө киһи буоллун.
Муус оҥоһуктарбыт ситэн-хатан уһуйааммытыгар киирии ааны киэргэтэн оҕолору үөрдэллэр.
Саҥа дьылбыт буоларын олус кэтэһэбит. Ырыабытын, үҥкүүбүтүн кичэйэн бэлэмнэнэбит.