1) Олунньу — одун хаан ыйа элбэх ситиһиилээх ааста. «Супермаркет» оруоллаах оонньууну олус сэҥээрэн кэрэхсибиллээхтик оонньоон өрөспүүбүлүкэбит иитээччилэригэр көрдөрдүбүт. Иитээччи Сысолятина В. И.
2) Эмиэ бу күн оҕо сарсыардааҥҥы бириэмэҕэ ырыаны ыллыыртан ураты сатаан истэр дьоҕуру хайдах сайыннарарбытын билиһиннэрдибит. Кэлбит ыалдьыттар оҕо сатабылын үөрэ көрдүлэр. Иитээччи Ефимова М.С.
3) 22 чыыһылаҕа «Байыаннай хаамыы уонна ырыа» күрэҕэр 1 миэстэни ыллыбыт. Көһө сылдьар кубогынан уонна грамотанан наҕараадаланныбыт.
Бу тэрээһиҥҥэ биһиги бөлөхтөн олус сэргэхтик тэрийсибит аҕабытыгар Чугунов Александр Сергеевичка махтанабыт.
4) Аҕалар күннэрин өрөбүллэригэр биһиги аҕаларбыт хаар ыраастааһыныгар көхтөөхтүк кытыннылар. Иитээччи Ефимова М. С.
5) Саха биллиилээх суруйааччыта П. Н. Тобуруокап — 100 сааһын көрсө биһиги уһуйааммытыгар хоһоон ааҕыыга күрэх буолан ааста. Онно биһиги группаттан 5 оҕо кытынна: Диана Аргунова, Слава Филиппов, Аделина Чугунова, Олеся Степанова, Сайаана Петрова.
Күрэх түмүгүнэн Олеся 1 миэстэни ылан куоракка кыттар чиэскэ тиксэн кыттыыны ылла. Иитээччи Сысолятина В. И.
6) «Эһиги дьиэ-кэргэҥҥит оҕоҕут оскуолаҕа барарыгар бэлэм дуо? диэн ис хоһоонноох төрөппүт мунньаҕа олус интэриэһинэйдик буолан ааста. Ол курдук дьиэ-кэргэни өйүүр психологическай сулууспаттан икки психолог ыалдьыттаан сүбэ-ама биэрдилэр. Бары көхтөөхтүк кыттан, оонньоон, ырытыһан астынан тарҕастыбыт.
7) Фольклор сайдар эйгэтигэр сылдьар оҕолорбут республиканскай фестивальга чабырҕах ааҕан Лауреат аатын ыллыбыт. Оҕолорбутун сахалыы эйгэҕэ уһуйааччы Захарова Анна Елисеевна үрдүк таһымҥа тахсалларыгар олус кыһаллан дьарыктыырыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Төрөппүт Дьячковская О. В.
8) Кырыа кыһыммытын атааран көхтөөх оонньуу үҥкүүнэн үөрэ-көтө түмүктээтибит.