Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө «Мичээр» оҕо уһуйааныгар араас тэрээhиннэр буолан аастылар.
Муус устар 26 күнүгэр, «Төрөөбүт дойдугун эн таптаа!» — диэн улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах аралдьыйыы буолан ааспыта. Иитээччилэр уонна «Кустук» бөлөх оҕолоро истиҥ тыллаах хоһооннору аахпыттара, «Кэнчээри» бөлөх кыргыттара ньургуһун үҥкүүтүн толорбуттара, «Чуораанчык» бөлөх уолаттара «Саадьаҕай оҕус» норуот ырыатын ыллаабыттара, «Көмүс дорҕоон» фольклорнай ансаамбыл оҕолоро лабыгыраччы чабырҕахтаабыттара, норуот ырыаларын ыллаабыттара. Түмүккэ, «Кэскил» бөлөхтөн Арылхан Михайлов , «Чуораанчык» бөлөхтөн Арина Амбросьева оһуохай тылын этэн оҕолор бары төгүрүччү туран оһуохайдаабыттара, алгыс тойугун туойбуттара.
Ону таhынан, уhуйаан бары бөлөхтөрүн иhигэр бу кэрэ бэлиэ күнү кытары билсиhии буолбута, оҕолор хоhоон бэлэмнээн аахпыттара, төрүт оонньууларга көхтөөхтүк кыттыбыттара, лэпбук оҥорбуттара, оҕуруолуу тиhиллэн оhуохайдаабыттара, хомус дорҕоонун истибиттэрэ.
«Сайдыс» тэрийэр бөлөх Саха сирин кэрэ көстүүлээх сирдэрин (Өлүөнэ очуостара, Үөһээ Дьааӊы Киhилээх хайалара, Булуус, Курулуур, «Ирбэт тоӊ саарыстыбата») сэргээн оӄолорго анаан уруhуй арт-терапиятын ыыппыттара.
«Киһи биир төрөппүт ийэлээх, биир төрөөбүт дойдулаах» — Сахабыт сирин таптыаҕыҥ, кэрэхсиэҕиҥ. Сахабыт сирэ, үүнэ-сайда туругура турдун! Өбүгэбит үтүө үгэстэрин үйэтитэн, бэйэбит култуурабытын сайыннарыаӄын!