Саха омуга, оҕотун кыра эрдэҕиттэн «Мин сахабын» — диир, бэйэтигэр эрэллээх, чөл өйдөөх-санаалаах, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх, айар дьоҕурдаах, талба талааннаах, төрөөбүт төрүт тылын, култууратын, дойдутун ытыктыыр киhи гына иитиэхтээх. Итини барытын норуот тылынан уус-уран айымньытын нөҥүө иитэн-үөрэтэн улаатыннаран таhаарыахха сөп.
Дьэ, ол иhин үүнэр көлүөнэни төрүт култуураҕа уhуйарга, өбүгэлэрбит үгэстэригэр үөрэтэргэ, киниэхэ төрөөбүт норуотун кутун-сүрүн иҥэрэргэ, оҕо эстетическай сайдыытыгар, сиэр-майгы өттүнэн иитиллэригэр саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын куруhуогун тэрийиигэ анал бырагыраамма онорон үлэлии сылдьабын.
Оҕоҕо норуот кутун-сүрүн иҥэрэргэ, фольклор айымньыларын араас көрүҥнэрин билсиhэрин, интэриэhиргиирин, дьарыктанан ылынарын таhынан, хайа өттүгэр дьоҕурдааҕынан таба таайан сөптөөх суолга салайан, улахан суолтаны уурар куруhуок салайааччытынан буолабын.
Фольклор – саха оҕотун сахалыы тыыныытын, интэриэhин көҕүтүүтүгэр араас көрүҥүн, ньыматын бөлөхтөрүнэн уонна биирдии оҕонон анаан туран дьарыктарбын ыытабын.
Бырагыраамма, оҕо сылтан сыл аайы саха фольклорун, төрүт культуратын үөрэтиитин түмүгэр билиитэ-көрүүтэ дириҥээн иhиитин учуоттаан, сыыйа ыарахаҥҥа тиийэр бөлөхтөрүнэн араарыллынна. Манна оҕо уhуйааҥҥа ылбыт билиитэ-көрүүтэ учуоттанна. Төрөөбүт тыл – киhи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар. Оҕоҕо норуот кутун-сүрүн иҥэрэргэ фольклор айымньылара бэрт улахан суолталаахтар. Бэйэтин норуотун фольклорун этигэр-хааныгар иҥэринэн, билэр, киэн туттан иитиллэн тахсыыта бырагыраамма сүрүн сыала. Оҕо билиитин-көрүүтүн, дьоҕурун салгыы сайыннарарга, байытарга куруhуок салайааччытыгар үлэни сөпкө аттаран туруорара ирдэнэр. Бастатан туран төрөппүт өйөбүлэ уонна оҕо баҕата. Саха фольклоругар аналлаах хос баара үлэҕэ улахан көмөлөөх. Манна саха балаҕана, иhитэ-хомуоhа, дьиэ тэрилэ, туттар сэп-сэбиргэл, өбүгэ оонньуулара, орнаменнар уoнна да атыттар хомуллаллар. Саха фольклорун күнүн олохсутар наада. Ити күн саха аhа-үөлэ баар, оҕолор сахалыы таҥастаах сылдьар буоллахтарына, фольклор оҕо дууhатыгар ордук тиийэрэ өйдөнөр. Оҕо элбэх остуоруйаны, өс хоhоону билэр эрэ буолбакка, оонньоон көрдөрөр, уруhуйдуур, норуот ырыатын-тойугун сэргээн истэр, ыллыыр-туойар, чабырҕаҕы тылынан ыраастык лабырҕаччы этэр,хамсанан толорон көрдөрөр,өбүгэ оонньууларын таптаан, үлүһүйэн оонньуур, оhуохайы үтүктэн этэр, таһааран холонор, үҥкүүлүүр, олоҥхону биhириир, сиэри-туому тутуhар, алыптаах саха музыкальнай инструменнарыгар оонньоон астынар-дуоһуйар, өбүгэтин үгэһин үйэтитэр буоллаҕына , ол буоллаҕа саха омук уһун үйэлэниэ,көлүөнэттэн көлүөнэҕэ баран иһиэҕэ.
Дьоро киэhэлэри, олоҥхо туруоруутун, араас күрэхтэри, саха сиригэр биллэр норуот ырыаhыттарын, тойуксуттарын, оhуохайдьыттарын, олоҥхоhуттарын, хомусчуттарын кытта көрсүhүүлэри тэрийэбит. Ыйга биирдэ музейдарга, театрга уо.д.а сирдэргэ экскурсияҕа билиhиннэрии угуйуу үлэтэ барар.
Сыл устата барбыт үлэ түмүгэ оҕо ыhыаҕар көстөр, ол иhин оҕо ыhыаҕын тэрийэн ыытабыт.
Фольклору билиhиннэрии, иhитиннэрии, үөрэтии бары көрүҥүн таба туhанар буоллахха эрэ, норуот айымньыта оҕо өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥиэн сөп.
Куоракка, республикаҕа ыытыллар күрэхтэргэ, фестивалларга биһиги оҕолорбут куруутун кыттарга бэлэм буолаллар, кыттан үрдүк ситиһиилээх, илии тутуурдаах, өттүк харалаах биирдии толорууга, бөлөхтөрүнэн толорууларга кыайыы-хотуу аргыстаах, үөрүү-көтүү кынаттанан, мичээрдээбитинэн үчүгэй сонуннаах тапталлаах «Мичээр» уһуйааҥҥа кэлэллэр, үөрүүлэрин үллэстэллэр оҕолордуун, иитээччилэринээн, төрөппүттэрдиин, сэмэй бэлэхтэри туталлар, минньигэьинэн күндүлэнэллэр, эҕэрдэ эриэккэһин истэн астыналлар-дуоһуйаллар.
Хас сэрэдэ аайы анал хоспутугар « Алгыстаах алаһа» сайыннарар эйгэ уһуйууларыгар сөп түбэһиннэрэн, куорат усулуобуйатыгар олорор оҕо сайдыытын туругун учуоттаан, кэнчээри ыччаттан саҕалаан бэйэтин омугун үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит итэҕэлин, сиэрин-туомун,сиэрин-майгытын , саха халандаарынан ыйдар ааттарын, суолталарын,бэлиэлэрин, билгэлэрин, бэлиэ күннэрин оҕолорго билиһиннэрэбит, онно сөптөөх дьыл кэмнэринэн хоһооннору, таабырыннары, өс хоһооннору, чабырҕахтары, остуоруйалары, кэпсээннэри, оһуохайы, өбүгэ оонньууларын үөрэтэбит, иитэбит-сайыннарабыт.
«Алгыстаах алаһа» оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору сахалыы халандаар хаамыытынан, айылгытынан иитии бырагыраамматын (иитээччигэ методическай көмө ) үлэлээн кэлбит уоппуттарыгар олоҕуран хомуйан онорбуттара Дьокуускай куорат 82№дээх « Мичээр» оҕо сайдар киинин уһуйааччыта, иитээччилэрэ А.Е. Захарова, П.В.Дьяконова, А. Д. Молонова, В.И. Сысолятина , научнай салайааччы Ю.И.Трофимова педагогическай наука кандидата, 82 № — дээх “Мичээр” оҕо сайдар киинин сэбиэдиссэйэ.
Алгыстаах алаһа алтыһар бөлөхтөрө — улахан,оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро. Дьарык ахсаана нэдиэлэҕэ биирдэ, ыйга түөртэ,ый хас биирдии нэдиэлэ үһүс күнүгэр сарсыардаттан ыытыллар. Бу күн оҕолор, иитээччилэр, сахалыы таҥналлар.Сарсыарда оһуохайтан, алгыстан саҕаланар.
Бу күн ас сахалыы астанар, иитэр-сайыннарар эйгэ төрөөбүт туску санааҕа туһуланан ыытыллар.
Оҕо алгыстаах алаһа сыалын толору иҥэринэригэр, ФГҮөС салаатыгар киирбит ирдэниилэри кытта эргиччи алтыһар:
-эти-хааны туругурдуу-бэйэ туругун быһааран хамсаныы, төрөөбүт норуоппут айылҕатын кытта алтыһар күүстэрин ситимнээн ылынарга эрчийии
-билиини кэтээн көрүүнү хаҥатыы-оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыыны кытта сэргэ кини олорор эйгэтин билиитин хаҥатыы буолар, ол эбэтэр төрөөбүт норуоппут култуурата, саҥарар саҥата, туттар мала-сала күннээҕи эйгэҕэ алтыһыыта
-алтыһыы-сэһэргэһии-саастыылаахтарын кытта омугуттан тутулуга суох алтыһыы, өйдөһүү,сэһэргэһии, бииргэ иллээхтик оонньооһун,санаа атастаһан кэпсэтии, бэйэтин тус санаатын этэн уопсай толкуйга кыттыһар дьоҕуру сайыннарыы.
-кэрэҕэ уһуйуу-төрөөбүт норуоппут култуурата,фольклор,ырыа-үҥкүү.Бэйэ талаанын холонон арыйарга, кэрэни өйдүүргэ, сатаан ылынарга иитии.
Ыйдарынан дьиэ-кэргэни кытта үлэ ыытабыт. Түмүк ситиһиилэрбит куорат усулуобуйатыгар төрөөбүт, иитиллибит оҕо «Алгыстаах алаһа» эйгэтигэр бодоруһан сиппит көстүүтэ:
«Мин киһибин» — дэнэр үрдүк хаачыстыбата өйүгэр –санаатыгар толору иҥмит буолар.Кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын,омугум саха диэн чопчу билэр,сэһэргиир.
«Бигэ туруктаах»- бэйэтигэр эрэллээх, чөл доруобуйалаах,санаатын толору этэр, тулалыыр дьон-сэргэ санаатын истэр буолар.
«Тус санаа» – бэйэтин санаатын толору баһылыыр, толорорго дьулуһар, көмөҕө кэлэр.
«Култууралаах –сайдам санаалаах»-элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр бэйэ бодотун көрүнэр, интэриэстээх, дуоһуйууну сатаан ылар, үөрүүтүн табыгастаахтык тиэрдэр.
«Сиэр-майгы»-үөрүнньэҥ, болҕомтолоох уопсастыба санаатын сатаан өйдүүр, быһаарсар. Айылҕаны таптыыр, харыстыыр, ыарахаттары тулуйар.
«Кэрэни кэрэхсиир» — омугун култууратын убаастыыр, тэнитэр үөрүйэхтэрэ сайдыбыт. Үтүөҕэ тардыһар,сатаан ылынар, ылыммытын тэнитэр көхтөөх.
«Мин Сахабын» -сиргэ чиҥник үктэнэн, санаата күүстээх, төрөөбүт норуотун убаастыыр, үрдүктүк тутар, сахалыы ыраас санаалаах, сырдык санаалаах. Сайдарга –үүнэргэ куруук бэлэм.
Оччоҕуна биһиги оҕолорбут “Сахабыт” диэн киэн туттан, сайда-үүнэ туруохтара, онно кынаттыыр иитээччилэр,уһуйааччылар уонна төрөппүттэр оҕо ис кыаҕын,уйулҕатын, таһымын, майгытын, доруобуйатын учуоттаан уонна саамай сүрүнэ итэҕэйии, кини кыаҕар эрэнии ол туһугар биһиги биир санаанан, сомоҕолоһуунан бары бииргэ улахан суолтаҕа ууран, сөптөөх суолга салайыахха,оччоҕо биһиги оҕолорбут куруутун чэгиэн, ыарахантан чаҕыйбат, олохторугар ситиһиилээх, мичээр аргыстаах, саха оҕото сахалыы өйдөөх-санаалаах, чөл туруктаах, бөҕө санаалаах буола иитиллэригэр, оҕо киһи быһыытынан иитиллэн тахсара буолар.
Как играть в якутские настольные игры?
Правила якутских настольных игр
Правила игры «Күөрчэх ытыйыы» («Мутовка»)
Играющие по очереди крутят “Күөрчэх” между ладоньями. У кого “Күөрчэх” дольше всех крутится, тот побеждает.
Правила игры «Тыксаан» («Щелчки»)
Из тальника (ивы) изготавливают тыксаан диаметром 1-1,5 и длиной 2-3см. Одна из продольных сторон тыксаан должна быть полукруглой, другая — прямой (то есть тыксаан должен представлять собой как половинки чурочек). Для игры требуется до 25 тыксаан.
Игрок собирает тыксаан в ладонь и рассыпает их на столе. Если две тыксаан легли одна на другую тыльной или внутренней стороной друг к другу, их забирает участник, начавший игру первым. Затем он ударом среднего пальца «отстреливает» лежащие навзничь тыксаан лежащими в таком же положении. Если тыксаан лежит обратной стороной, то ее «отстреливают» такими же, «обратными». При попадании в цель (не задев другие тыксаан) игрок забирает пораженный тыксаан себе в копилку и продолжает игру. В противном случае игру заново начинает следующий участник, состязание завершается.
По окончании сбора всех фишек определяется победитель- по наибольшему числу набранных фишек.
Правила соревнований по настольной игре «Тыксаан»
Возрастные группы участников
Участники соревнований
Мальчики, девочки-возраст с5-7лет;
Инвентарь и место проведения соревнования
Основным инвентарем в данном виде соревнований являются тыксаан, которые изготавливаются из тальника.
Размеры тыксаан: длина-2-2,5 см, ширина -3-4мм, толщина-2мм. Количество тыксаан-15-25штук.
Одна из продольных сторон тыксаан должен быть полукруглой, другая- прямой (то есть тыксааны должны представлять собой как бы половинки чурочек)
Для игры можно использовать столы якутские круглые или прямоугольной формы.
Правила судейства
- Для проведения соревнования назначается судья, который ведет счет очков и определяет победителя.
- Участники игры может быть 2 или более. По жеребьевке участники начинают игру.
- По команде “Бэлэмнэн!”(“Внимание”) первый по жеребьевке участник ставит руку перед той тыксаан, которой он должен «отстреливать» лежащую в таком же положении любой другой тыксаан.
- По сигналу “Чэ”(“Марш!”) участник начинает “отстрел”.
- Если участник задел при “отстреле” другой тыксаан, то игра переходит к следующему участнику.
- По окончании игры судья считает количество тыксаан у каждого участника.
- Победитель определяется по наибольшему количеству набранных тыксаан.
Правила игры в «Тырыыҥка” (“Лучинки”)
Участник, держа тырыынка вертикально в одной руке, упирает их нижними концами в стол и резко ослабляет их захват. Затем он собирает свободно лежащие палочки, после чего при помощи специальной палочки, оформленной в виде ложечки, очень осторожно вытаскивает остальные. В случае даже малейшего движения других палочек-тырыынка игра данного участника прекращается, и палочки передаются следующему игроку. После сбора участниками всех -тырыынка состязание прекращается. Победитель определяется по наибольшому количеству набранных тырыынка.
Правила соревнований по настольной игре «Тырыыҥка” (“Лучинки”)
Возрастные группы участников
Участники соревнований
Мальчики, девочки-возраст с5-7лет;
Инвентарь и место проведения соревнования
Основным инвентарем в данном виде соревнований являются палочки, которые изготавливаются из дерева.
Размеры тырыынка:длина-12см, ширина -3-4мм, толщина-2мм. Количество тырыынка-15шт.
Для игры можно использовать столы якутские круглые или прямоугольной
Правила судейства
1.Для проведения соревнования назначается судья, который ведет счет тырыынка и определяет победителя.
2.Участники игры может быть 2 или более. По жеребьевке участники начинают игру.
3.У каждого участника должна быть специальная- ложечка.
4.По команде “Бэлэмнэн!”(“Внимание”) первый по жеребьевке участник левой рукой берет тырыынка и ставит вертикально посередине стола, правой ладонью закрывает.
5.По сигналу “Чэ”(“Марш!”) участник резко ослабляет захват.
6.Если участник задел при вытаскивании другую тырыынку, то игра переходит к следующему участнику.
7. По окончании игры судья считает количество пойманных тырыынка у каждого участника.
8.Победитель определяется по наибольшему количеству взятого тырыынка.
Правила игры в «Хабылык»
Участник держа хабылык на ладони, осторожно подбрасывает их вверх, а затем ловит тыльной стороной кисти. Потом снова подбрасывает хабылык вверх и ,поворачивает кисть, старается поймать пальцами один хабылык. До 20-ти ловится только по одному хабылык.
Правила соревнований по настольной игре «Хабылык”
Возрастные группы участников
Участники соревнований
Мальчики, девочки-возраст с5-7лет;
Инвентарь и место проведения соревнования
Основным инвентарем в данном виде соревнований являются палочки, которые изготавливаются из дерева.
Размеры хабылык:длина-16-14см, ширина -9мм, толщина-4мм. Количество хабылык-15-20шт.
Для игры можно использовать столы якутские круглые или прямоугольной формы.
Правила судейства
1. Для проведения соревнования назначается судья, который ведет счет хабылык и определяет победителя.
2. Участник, пригашенный первым по жеребьевке, должен разложить на столе хабылык по 5штук.
3. По команде “Бэлэмнэн!”(“Внимание”) участник принимает основную стойку,берет в ладонь хабылык.
5. По сигналу “Чэ”(“Марш!”) судья засекает время и участник начинает игру. Продолжительность игры-2 минуты.
6. Судья информирует участника по истечении 2 минуты и за 15 секунд до конца игры.
7.Если участник допустил ошибку при ловле, то судья указывает и не засчитывает пойманный хабылык.
8. По сигналу “Бүттэ!”(“ Стоп”) судья засекает время, и участник заканчивает игру.
9. По окончании игры секретарь делает запись о количестве пойманных хабылык в соответствующей графе судейского протокола.
10. Если участник поймал все 15-20 хабылык раньше окончания отпущенного времени,
то судья фиксирует, а секретарь отмечает в протоколе время, затраченное на игру.
11.Победитель определяется по наименьшему количеству времени или по наибольшому количеству пойманных хабылык.
12. Если по окончании игры два или более участников набирают одинаковое количество очков, то назначается дополнительная игра , и по их результатам присуждаются места.
Как играть в ДИП «Сонор»?
Правила игры настольного варианта:
Игра проходит на прямоугольной плоской доске шириной 30 см и длиной 42 см. Игровое поле расчерчивается тремя горизонтальными линиями: первая линия находится на расстоянии 9 см от верхнего края поля; вторая линия расположена в 9см от первой; третья линия отстоит от второй на 20 см. В игре участвуют 8 фишек: две фишки «преследователя» (фигурки диаметром 2см) и шесть фишек «убегающего» (фигурки диаметром 4 см). Фишки могут быть сделаны из пластмассы, глины, дерева, кости и других материалов.
Ход игрока. Шагом игрока называется перемещение фишки на расстояние, ровное ее диаметру. Шаг осуществляется следующим образом: 1) слегка прижать фишку к игровой доске, чтобы она случайно не сдвинулась с места; 2) поставить другой рукой вплотную к ней запасную фишку; 3) убрать исходную фишку, оставив на игровом поле запасную. Противники делают ходы фишками поочередно, причем первыми ходят «убегающие». При наступлении очередности хода игрок имеет право перемещать все свои фишки или же часть из них оставить на месте.
Правила игры:
-«убегающие» стремятся достигнуть противоположной стороны до того, как их поймают;
-«преследователь» ловит убегающих. Если их фишки соприкоснулись – «убегающий» пойман;
-для осуществления хода (перемещения фишки) достаточно поставить одну фишку вплотную к другой;
-каждая фишка «убегающего» дает игроку по одному баллу на каждый из линий.
Поимка. «Убегающий», который мешает осуществлению шага «преследователя» или соприкасается с его фишкой после осуществления шага, считается пойманным.
Оценка результата игры. «Убегающий», если его фишки преодолели (прошли) первую линию, получает 1 балл за каждую фишку; за прохождение второй линии игрок получает 2 балла; преодоление третьей линии дает 3 балла. Суммируется общий балл всех фишек. Побеждает тот, кто набрал наибольшее количество баллов.
Выигрывает тот, кто получил больше баллов, играя за «убегающих». В случае ничейного результата выигрывает тот, кто вывел наибольшее число «убегающих» фишек на линию 3. Если и в этом случае получается ничья, то побеждает тот, кто вывел больше «убегающих» на линию 2. Чтобы не допустить ничьей, можно подсчитать, кто, играя за «преследователя», быстрее поймал последнего из настигнутых им «убегающих». Двое игроков играют пару партий. Тот, который играл в первую партию за «убегающих», во вторую партию играет за «преследователя».
Правила подвижного варианта игры:
Такие же, как в настольном варианте, только вместо игровых фигурок дети сами становятся героями игры.
Оборудование: Игровое поле с длиной 630 см, шириной-450 см каждому ребенку по два кружочка. Кружочки «убегающих» с диаметром 25-30 см, а «преследующих»- 38-40 см. По теме игры можно в атрибутах использовать разные костюмы и шапочки.
1 Игроки по полю передвигаются по игровому полю по кружочкам.
2.Кто начинает игру выбирают жеребьевкой. «Убегающие» стоят на своей стороне игрового поля как хотят, «преследующие» тоже.
3. У каждого игрока по два кружочка. Один кружок ставит на поле (землю) и встает туда, второй — держит в руках. Ходы выполняют по кружочкам. Если «преследующий» делает 1 шаг, то «убегающие» тоже все вместе делают шаг. Иногда по ходу игры могут пропустить ход (стоят на месте).
4. Если «убегающего» поймали, то он стоит на месте, не делает ход. При этом если другой «убегающий» дотронется до его кружочка, то он дальше может выполнять ходы.
5. Очки засчитываются так же, как и в настольной игре.
Захарова Анна Елисеевна,
82№ «Мичээр» оҕону сайыннарар
Киин үрдүк категориялаах уһуйааччыта,
Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна