Тохсунньу ый дохсун тымныыларыттан толлубакка биьиги уьуйааммытыгар араас таьымнаах о5олорго да иитээччилэргэ да быыстала суох тэрээьиннэр буолаллар. «То5ус тегул то5о?» иитээччилэр айыр белехпут «Умники и умницы» диэн ааттаах оскуола5а киириэхтээх бэлэмнэнии белех о5олоругар курэс ыыттыбыт. Манна «Кустук», «Чуораанчык», «Кэскил» белехтен 5-тии саамай ейдеех о5олор 5 туьумэххэ араас моьоллору туораан, сорудахтары толорон, ойууртан кэлбит ыалдьыттар бэлэмнээбит ыйытыыларыгар эппиэттээн бэйэлэрин тургутан кердулэр. Сыыппара дьиэтин хомуйан, муультиктартан матыыптары таайан, тулалыыр эйгэлэриттэн араас ыйытыыларга эппиэттээн, хартыыналары хомуйан остуоруйа таьааран оонньоотулар. Бутэьигэр олус тынааьыннаах кэмнэр буоллулар. “Кустук” уонна “Чуораанчык” хамаандалара бааллара тэннэьэн Кирилл Супер ыйытыыга септеех хоруйу биэрэн хамаандатын бастатта. О5олор олус кыьаллан оонньоотулар.