Хомус костор дьуьунунэн судургу курдук эрээри, музыката баай, киэн, дирин.Кинини ытыска бигии, уоска-тиискэ да5айа тутулунна5ына, тардааччы тыыныттан тыын ылла5ына, киьи ис айылгытын арыйар ураты иэйиилээх музыканы уодутэр. Атын музыкальнай тэриллэртэн хомус уратыта диэн киьилиин «кыттыьан», тыын киллэринэн кинилиин тэннэ иэйдэ5инэ эрэ дууьаны долгутардыы туойара-ыллыыра буолар.
Билинни кэмнэ саха тыллаах о5о уьуйааннарыгар хомус бу саха дьонун саамай кунду уонна киэнник тар5аммыт этигэн музыкальнай инструмена буоларын о5о-аймахха сырдатар улэни ыытыы, ойун-санаатын сайыннарыыга суунэ суолталаах. Кэнчээри ыччат кэрэ5э-учугэйгэ тардыьарыгар хомус «ко5улээччинэн» буоларын, торообут норуотун культуратын, искусствотын уьун кэмнээх сайдан кэлбит историятын биллэриигэ, киниэхэ интэриэьи уоскэтиигэ, ытыктыырга- убаастыырга уорэтиигэ, хомус абыланын нонуо саха киьитин майгытын-сигилитин уратытыгар: киэн ко5устээх, сайа5ас майгылаах, уйан дууьалаах, холку буоларга иитиигэ хомус сурун суолталаах.
Хомуhу билиhиннэрии, иhитиннэрии, уорэтии бары корунун таба туhанар буоллахха эрэ, о5о ойугэр-санаатыгар диринник иниэн соп.
Куруhуокка билбити- корбуту тороппуттэрдиин уллэстии.
Хомуска сыьыан ирдэбилэ. О5олор тутар кэмнэригэр хомуска сэрэхтээхтик, харыстабыллаахтык, сыьыаннаьалларыгар эрдэттэн уорэтэр наада. Хомуьу тутуу быраабылаларын угэс курдук оруутун тутуьуохтаахтар.
Хомуьу тутуу, харыстааьын ирдэбиллэрэ:
-хомус оруутун анал хаалаах буоларыгар кыьаныахтааххын, сымна5ас танас буруоьуннээх буолуохтаах;
-хомуьу оонньоон баран, оруу кураанах гына сото сылдьыллыахтаах. Соппотоххо, дьэбиннэрэн хаалыан соп;
-хомуьу анардас тылыттан хаьан да тутуллубат. Тыла сурдээх намчы, кэбирэх. Оруутун тылыттан тута сырыттахха, тыла тостумтуо буолар, тургэнник туьатыттан тахсар;
-хомуьу оонньуур эрэ кэмнэ илиигэ ылыллар. Оонньообот эрээри, ор илиигэ
тутар конуллэммэт. Илиигэ ор илдьэ сырыттахха, хомус сиигирэр, тыла кэбириир.