Ыам ыйа — иэйэхсит ыйа. Бу ыйга киһи айылҕаны кытта уһуктар үөрэр-көтөр. Ыам ыйа биһиэхэ Сулусчааннарга олус холкутук уонна үөрүүлээхтик саҕаланна. Элбэх оҕобут бу ыйга төрөөбүттэр эбит.
Ыам ыйа — үөрэх дьылын түмүктүүр ый. Бу ыйга уһуйаан иһинэн ыытыллар күрэх-конкурс бүтэһик түһүмэҕэ буолар.
Быйыл ыытыллар «Дети Азии» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ ырааһырдыы, көҕөрдүү бэлэмигэр кыттыһан хас биирдиибит кэрэ бэйэлээх сибэкки үүннэрэн кыттыһарга былаанныыбыт. Бары көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт.
19 чыыһылаҕа оҕо сайдар эйгэтин хаҥатыы төһө байытыммытын көрүү конкурса буолар. Онно биһиги сыл устата туох саҥаны киллэрбиппитин үлэ опытыгар сыһыаран көрдөрүү былааннанар.
— Бу балаҕан чаас чааһынан барыта ыһыллан хомуллар. Аныгы лего хомуллар оонньуурга майгынныыр ис хоһоонноох. — Оҥоһук оҕо доруобуйатыгар сөп түбэһэр гына учуоттанан хатыҥ мастан таҥыллан оҥоһулунна. — оонньуурга судургу — оонньуу таарыйа оҕо төрөөбүт норуотун олоҕун-дьаһаҕын, малын-салын кытта ыкса билсиһэр .
Оонньуур инникитэ: тиэргэн мала-сала эбиллэр, кэпсэнэр ис хоһооно дириҥиир.